Хапсаҕай быраабылатыгар уларыйыылар киирдилэр

Хапсаҕай быраабылатыгар хас да уларыйыы киирдэ. Ыйааһыҥҥа, иккиэн оҕуттахтарына кыайыыны ким ылара, баалы биэриигэ, боротокуолга очуокуону ааҕыы, муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга киирсии бириэмэтигэр, СИА суруйар.


2015 сыллааҕы быраабыланан ыйааһын маннык арахсара: 55, 62, 70, 80, 90, 90-тан үөһэ кг, саҥанан — 57, 65, 75, 85, 95, 95-тэн үөһэ кг. Ол эбэтэр хапсаҕай көҥүл тустууга чугаһаата, бу элбэх киһи кыттарыгар олук буолуохтаах. Саҥа киллэрии бу сылга практикаҕа туһаныллыбыта.

Тустууктар иккиэн оҕуттахтарына арбитр икки тойон эрбэҕин өрө көрдөрөрө, атыттарын сутуруктуу тутара, итинэн мөккүөр тахсыбын биллэрэрэ. Билигин уларыйбытынан, иккиэн оҕуттахтарына — прием эбэтэр контрприем оҥорбута кыайар.

Сиһилии https://ysia.ru/v-pravila-hapsagaya-vneseny-izmeneniya/

This post was published on 18.05.2020 11:02 11:02