Тохсунньуттан үлэһиттэр хамнастарын абаансатын төлөбүрүн быраабылата уларыйда. Тоҕо итинник буолбутун ыйытааччы элбэх. Быһаарабыт.
Нолуок кодексын 226-с ыстатыйатыгар уларыйыылар киирэн, хамнас төлөбүрэ эмиэ уларыйбыт. Онон нолуок ыйга биирдэ буолбакка, абаансаттан уонна хамнас сүрүн төлөбүрүттэн иккитэ тутуллар буолбут.
Сорох үлэһиттэр тохсунньуга кыра абаансаны ылбыт курдуктар. «Оччоҕо хамнаспыт кээмэйэ кыччаата дуо?» диэн долгуйаллар. Ол эрээри, хамнас кээмэйэ кыччаабат. Урут нолуогу ыйга биирдэ эрэ тутар этилэр. Билигин “күнүттэн күнүгэр” диэн бириинсип тутуһуллар буолла, ол эбэтэр, абаанса да, хамнас да төлөммүт күнүгэр нолуок тутуллар. НДФЛ нолуок кээмэйэ эмиэ оннунан хаалла, ол оннугар иккитэ аҥаарданар. Оттон хамнас кээмэйэ оннунан хаалар.
Холобур, үлэһит хамнаһын ааҕыллыыта — 40 тыһыынча солкуобай. 13%-наах нолуок (5200 солкуобай) тутулуннаҕына, кини илиитигэр 34 800 солкуобайы ылар.
Кини урут 16 тыһыынча солкуобайы абаанса быһыытынан, 18 880 солкуобайы хамнаһын тобоҕун ылар этэ. Билигин кини 13 920 солкуобайы абаансанан, 20 880 солкуобайы хамнаһын тобоҕун ылар. Онон ханнык да түгэҥҥэ 34 800 солкуобайы ылар, хамнаһа кыччаабат. Оттон буҕаалтырдарга үлэлэрэ эбиллэн биэрэр.
Маны тэҥэ, Нолуок кодексын 223 ыстатыйатыгар өссө биир уларыйыы – хамнастан дохуоту ылыы ый бүтэһик үлэ күнүнэн ааҕыллыбакка, үлэһит ылбыт күнүгэр ааҕыллар буолла.
Хаартыска: rg.ru
Источник: © sakha-sire.ru сайт
This post was published on 27.01.2023 12:33 12:33