Үлэ министиэристибэтэ 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри Уһук Илин олохтоохторугар оройуоннааҕы коэффициены уонна хотугу надбавка бырыһыанын эрдэтээҥи таһымынан хаалларарга этии оҥордо. Бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыага уопсастыбаннай дьүүллэһиини ааһар.
Бырайыак ааптардара бэлиэтииллэринэн, биир территорияҕа тэрилтэлэринэн, үлэ салааларынан коэффициеннар араастаһаллар. Маны тыйыс килиимэти кытта сыһыанныыр табыллыбат. Оройуоннааҕы коэффициены муҥутуур кээмэйинэн көрүү бюджет үлэһиттэрин хамнастарыгар көрүллэр ороскуот улаатыытыгар тириэрдэр, оттон түһэрии — «реальнай экономика секторыгар үлэлиир дьон конституционнай бырааптарын кэһиигэ тириэрдэр».
Быһаарыы сурукка этиллэринэн, коэффициеннар нуормалара саҥардыллыаҕа. Ол иннинэ экономика сайдыытын саҥа приоритеттарынан учуоттааһын территорияларынан оҥоһулуоҕа.
Санатар эбит буоллахха, урукку бэрээдэгинэн оройуоннааҕы коэффициены уонна төлөбүрү 2022 сыл от ыйын 1 күнүттэн көтүрэр туһунан этии баара.
Источник: «Парламентская газета»
This post was published on 15.03.2022 11:01 11:01