РФ Конституционнай суутун ахсынньытааҕы уурааҕынан, оройуоннааҕы коэффициеннар уонна хотугу эбиликтэр МРОТ таһынан эбиллэллэр. Мантан сиэттэрэн, СӨ бүддьүөтүттэн хамнастанар үлэһит ыйдааҕы үлэ бириэмэтин, нуорматын барытын толорбут буоллаҕына, саамай кырата, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (17 тыһ.солк.) намыһаҕа суох хамнаһы ылыахтаах. Өскөтүн кини 80%-наах муҥутуур хотугу эбилиги (северная надбавка) ылар буоллаҕына, хамнаһа 23 723 солкуобайтан (хотугу улуустарга — 26 569 солкуобайтан) кырата суох буолуохтаах.
Бу сыл ыам ыйыттан хамнас алын кээмэйэ өссө үрдээн 27 900 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ (хотугу улуустарга 31 256 солк.).
МРОТ үрдээһинэ ити сууматтан кыра хамнастаах дьону таарыйар. Үлэһит ыйдааҕы нуорматын толорботоҕуна, эбэтэр толорута суох ставкаҕа сылдьар буоллаҕына, хамнаһа үлэлээбит бириэмэтинэн көрөн ааҕыллар (Үлэ кодексын 285 ыст.).
Өскөтүн үлэһит хамнаһа ити ыйыллыбыт суумаҕа тиийбэт буоллаҕына, араастаһыыта судаарыстыбаннай бүддьүөттэн төлөнөр. Бу сыалга СӨ бырабыыталыстыбата 4,5 млрд. солк. тыырда. Атын эйгэ үлэһиттэрэ, чааһынайдар, предпринимателлэр бэйэлэрин үптэриттэн ылан үрдэтиэхтээхтэр. Онон хамнас алын кээмэйэ бүддьүөт эйгэтигэр эрэ буолбакка, үлэһиттэргэ барыларыгар сыһыаннаах.
Хамнаһы үрдэтиини ким хонтуруоллууруй?
Федеральнай сокуон толоруллуохтаах. Онон МРОТ кээмэйин саҕа хамнас төлөнөрүн хонтуруоллуур Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап тэрилиннэ. Манна ситэриилээх былаас уорганнарын, СӨ Судаарыстыбаннай үлэ инспекциятын, Борокуратууратын, Нолуок сулууспатын управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр. Бу ыстаап салаалара улуустарга, атын куораттарга эмиэ тэриллиэхтэрэ.
Бу улуустааҕы ыстааптар хамнас алын кээмэйин хонтуруоллууллар. Үлэ сокуонун кэһии таҕыстаҕына, үөһэ ааттаммыт хонтуруоллуур-кэтиир уорганнарга биллэрэллэр. Оччотугар үлэни биэрээччи ыстарааптанар. Маны тэҥэ үлэ быраабын кэһиллиитин туһунан иһитиннэриини Үлэ, социальнай көмүскэл министиэристибэтин хайысхатынан – улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениеларыгар тиэрдиэххэ сөп.
This post was published on 30.01.2018 09:11 09:11