Хамнас хайдах төлөнөрүн кэтээн көрүөхтэрэ

Хамнас тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (МРОТ) кырата суох буоларын хонтуруоллуур Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап тэрилиннэ. Бу ыстаап судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын сүрүннүүр сыаллаах.


Үлэһит оробуочай бириэмэ нуорматын, үлэ нуорматын толорбут буоллаҕына, ааспыт сыл 3-с кыбаарталыгар олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кырата суох хамнаһы ылыахтаах. Ол чэрчитинэн, 2018 сылтан бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас алын кээмэйэ 23723 солкуобайга, хоту улуустарга 26569 солкуобайга диэри үрдээтэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай салайар буолла, чилиэннэринэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Михеев, судаарыстыбаннай үлэ инспекциятын салайааччыСветлана Глухих, дьарыктаах буолуу кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин, үп миниистирин  солбуйааччы, федеральнай нолуок сулууспатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы, Ил Дархан дьаһалтатын отделын салайааччы, уо.д.а.  киирдилэр.

Үлэ хаамыытын, тэрээһиннэр былааннара (дорожная карта) оҥоһулунна.

25 улууска ыстаап олохтоох салаалара тэрилиннилэр, хаалбыт улуустарга үлэ бара турар. Бу улуустааҕы ыстааптарга баһылыгы солбуйааччылар, нолуок уорганын, дьарыктаах буолуу, биэнсийэ управлениетын, үлэ министиэристибэтин салааларын бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр. Кинилэр судаарыстыбаннай үлэ инспекиятын кытта хайдах үлэлииллэрэ чопчуланна.

Хамнас хайдах төлөнөрүн кэтээн көрүөхтэрэ, дьарыктаах буолуу уонна нолуок уорганнарын дааннайдарын ырытыахтара, нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни ыытыахтара, семинардары, кэмпириэнсийэлэри тэрийиэхтэрэ. Кыра хамнаһы төлүүр үлэни биэрээччилэр испииһэктэрин ый аайы судаарыстыбаннай үлэ инспекциятыгар ыыта туруохтара.

“Суһал сибээһи” (горячая линия) олохтоон, дьон үҥсүүтүн, сайабылыанньатын куруук тута олоруохтара. Үлэһит бырааба кэһиллибит буоллаҕына, тута үлэ инспекциятыгар ыытан иһэллэр. Ол бигэргэннэҕинэ, үлэ инспекцията ыстарааптыыр бырааптаах.

Онон, кыра хамнастаах дьон, бу улуустааҕы ыстааптары кытары сибээстэһэргитин умнумаҥ.

This post was published on 07.02.2018 17:11 17:11