Хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6% улаатыаҕа уонна 22 440 солк тэҥнэһиэҕэ, суруйар үлэ министиэристибэтэ.
Судаарыстыбаннай бюджеттан хамнастанааччылар, хотугу эбиллиилэрэ муҥутуур усулуобуйалаах буолаҕына (80%), МРОТ тэҥнэһэр:
- 1,7 коэффициеннаах оройуоттарга — 56 100 солк;
- 2,0 коэффициеннаах оройуоттарга — 62 832 солк.
Бюджеттан таһынан үбүлэнэр тэрилтэлэр сотрудниктара, маны сэргэ федеральнай бюджеттан хамнастанааччылар МРОТ-тара үлэлиир нэһилиэнньэ тиийинэн олоруутун кээмэйиттэн намыһах буолуох суохтаах. 2025 сылга бу көрдөрүү 29 187 солк.
This post was published on 05.11.2024 18:01 18:01