Хамнаһы МРОТ-ка тэҥнииргэ бириэмийэни уонна эбиилэри учуоттаабакка ааҕары Госдуума эттэ

Хамнаһы үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) кытта тэҥнииргэ компенсацияны уонна эбиилэри учуоттаабакка ааҕары Госдуумаҕа эттилэр, суруйда «Парламентская газета».

Сокуон быһыытынан ыйдааҕы хамнас МРОТ-тан кыра буолуо суохтаах. Көҕүлээһин ааптардара бэлиэтииллэринэн, хамнаска эбии төлөбүрдэр, бириэмийэлэр, надбавкалар киирэллэр. Бу мөккүөрү таһаарда.
Сокуон барылын ааптардара Конституционнай суут быһаарыытыгар сигэннилэр. Онно сурулларынан тыйыс килиимэт усулуобуйалаах сиргэ үлэ иһин эбиилиги хамнаһы МРОТ-ка тэҥнииргэ кыбытыллыбат. Өссө биир уурааҕар этиллэринэн, өрөбүлгэ, бырааһынньыкка, үлэ нуорматын таһынан үлэҕэ, түүҥҥү үлэҕэ хамнаска эбии ааҕыллыы тэҥнэбил суотугар киллэриллэрэ бобуллар. Онон сокуон барыла хамнас эбии төлөбүрдэри учуоттаабакка эрэ МРОТ-тан кыра буолуо суохтааҕа ыйыллар.

Ити эрээри миниистирдэр кабинеттарыгар көҕүлээһини өйөөбөтүлэр. «Экономика реальнай секторыгар, бюджет эйгэтигэр, судаарыстыбаннай уорган тэрилтэлэригэр хамнас систиэмэтигэр уларытыылары киллэриини ирдиир», — диэн быһаарда бырабыыталыстыба. Ол эбэтэр, миэрэни олоххо киллэриигэ бизнескэ эбии ноҕурууска итиэннэ уларытыы тэрилтэлэр экономикаларын көрдөрүүтүгэр соччото суохтук дьайыан сөп диэн буолла.

This post was published on 06.05.2022 09:01 09:01