Хамаҕатта нэһилиэгэр сэтинньи маҥнайгы күнүгэр “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин улахан тэрээһинэ буолан ааста. Быйылгы 45-с сезона Улуу Кыайыы 75 сылын кытта ситимнээх буолла. “Барыбытыгар кыайыы, ситиһии кэллин диэн эрэнэ күүтэбин”, – диир киин салайааччыта Антонина Харитонова.
Хамаҕаттатааҕы норуот айымньытын киинэ бар дьоҥҥо үлэтин билиһиннэрэр тэрээһинэ урукку сылларга киэһэ буолар эбит буоллаҕына, быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһин сарсыардаттан саҕаламмыта ураты буолла. Күнүскү өттүгэр атлаһынан лиэнтэ, кылынан сибэкки, туой буорунан оҥоһук оҥорууга уонна суумка киэбин тигиигэ маастар кылаастар ыытылыннылар. Ону таһынан фотозонаҕа хаартыскаҕа түстүлэр уонна алаадьынан, саламаатынан айах туттулар. “Ыытыллар бары тэрээһин туспа уратылаах, эйгэлээх буоларыгар кыһаллабыт, онно күүһү уурабыт. Болҕомтону хас биирдии кэлбит киһи интэриэһигэр сөп түбэһиннэрэ сатыахтаахпыт”, – диэн “Түһүлгэ” дьиэтин киэргэтэн оҥорооччу, худуоһунньук Татьяна Уодай бэйэтин санаатын үллэстэр.
“Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ үөрүүлээх тэрээһини үлэ хаамыытын билиһиннэрииттэн астылар. Бэлиэтээн эттэххэ, кэлэктиип биир киэптээх таҥаһы кэппитэ сэҥээриини ылла. Бу бэлиэ күнү дьон-сэргэ күүппүтэ, кэтэспитэ ырылхайдык көһүннэ.
Библиотекарь Марина Корякина быйыл Россия улуу суруйааччыта Александр Пушкин 220 сылыгар анаан бэсиэдэ ыытта. Дьон олус сэргии, хайгыы көрдө. Саха французскай лицей учууталлара суруйааччы “Сибэкки” хоһоонун сахалыы, нууччалыы уонна французтуу тылларынан доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр. Оччотооҕу кэми санатар Любовь Андросова салайааччылаах “Ретро-Данс” народнай үҥкүү бөлөҕө баал үҥкүүтүгэр эргийэн киэргэттэ. Марина Корякина хоһоон ааҕар кэмигэр, оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччитэ Егоров Вася фортепианоҕа оонньуурун көрөөччүлэр чуумпуран, кэтээн олорон иһиттилэр. Онтон Хамаҕатта орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Попова Дайаана “Татьяна Ларина суруга” диэн хоһоону олус истиҥник аахпыта биир кэрэхсэбиллээх көстүүнэн буолла.
Нэһилиэк тэрилтэлэрэ “Түһүлгэ” дьиэтэ быйыл 45-с үбүлүөйдээх айар үлэтин саҕалаабытынан эҕэрдэ тыл бастыҥын эттилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Харда тылга эдэр специалистарын билиһиннэрдилэр уонна биирдиилээн үҥкүү, ырыа нүөмэрдэрин бэлэх ууннулар.
Нэһилиэк дьаһалтатыттан Ольга Кудрина, орто оскуолаттан Маргарита Мокрощупова биирдиилээн ырыалары ыллаатылар. Саха француз лицейтэн француз Арольд Може кэлэн ыалдьыттаата. Кини бэрт үчүгэйдик сахалыы, нууччалыы саҥарарынан дьону сөхтөрүөн сөхтөрдө. “Сарыал” уһуйаантан Татьяна Протопопова салайааччылаах “Сир симэҕэ” үҥкүү бөлөҕө китайскайдыы үҥкүүлээтилэр уонна Анна Шадрина салайааччылаах “Кылчаан” бөлөх кырачааннара саха таҥаһын муодатын көрдөрдүлэр.
Үөрүүлээх кэнсиэри Оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Радуга» үҥкүү коллектива “Хаар үҥкүүнэн” астылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Октябрина Попова салайааччылаах “Радуга” иитиллээччилэрэ быйылгы Норуоттар икки ардыларынааҕы VII төгүлүн ыытыллар “Бриллиантовые нотки” фестиваль күрэх чэрчитинэн буолбут VII Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Первые шаги” күрэх Гран-При хаһаайыттарынан буолбуттара. Оҕолор Крым куоракка “Артекка” босхо путевканан наҕараадаламмыттара.
Кэнсиэри Саргылана Назарова олохтоох мелодист Руслан Захаров тылларыгар уонна матыыбыгар “Хаар үҥкүүтэ”, Валентина Иванова Ангелина Файрушина репертуарыттан “Алгыс” ырыаларынан киэргэттилэр. Норуот айымньытын киинигэр фольклор көрүҥэр үлэлиир Оксана Кудрина “Күбэй”, “Айыы Хотун” түмсүүлэрэ, чабырҕахсыттара көхтөөх кыттыыны ыллыллар. “Кытыл кыыма” ансаамбыл да үөрүүлээх кэнсиэртэн туора турбата. “Түһүлгэ” дьиэтин үлэһиттэрэ Татьяна Гаврильева, Татьяна Уодай, “Эрчим” спорт саала дириэктэрэ Владимир Новгородов уонна Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын үлэһитэ Алексей Дьячковскай көрдөөх сыаҥкаларынан ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Айар киэһэни “Ретро-Данс” үҥкүүһүттэрэ түмүктээтилэр.
“Нэһилиэнньэҕэ анкета ыыппыппытынан, биһиэхэ, култуура үлэһиттэригэр, эрэл улахан. Сүрүн үлэбит хайысхата сөпкө баран иһэриттэн биһиги астынныбыт. Инникитин ыытар тэрээһиннэрбитин өссө тэтимирдэн, ис хоһоонноон биэриэхпит. Санаттахха, маннык хабааннаах анкетаны үс сыллааҕыта оҥоро, ыыта сылдьыбыппыт.
Сыанаттан көрдөххө, көрөөччүлэрбит тугу эрэ саҥаны, атыны күүтэллэр, кэтэһэллэр. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ көрөөччүлэр дьону сынньатар көрдөөх сыаҥкалары, театрализованнай көрдөрүүлэри, спектакллары көрүөхтэрин баҕараллара ырылхайдык көһүннэ. Киһи норуот айымньытын кииниттэн күннээҕи олохтон толору сынньанан, күлэн-үөрэн, чэпчээн барыахтаах уонна бэйэтигэр сөптөөх, туһалаах билиини ылыахтаах. Биир тылынан эттэххэ, бар дьоммут биһигиттэн ирдиирэ үгүс. Ханнык баҕарар ыытыллар тэрээһиннэргэ, сыанаҕа тахсыыга күүстээх бэлэмнэнии наада. Бэлэмнэниитэ суох артыыс бэйэтигэр эрэлэ суох тахсар. Сыанаҕа эрэлэ суох тахсыыттан ордук куһаҕан суох! Онтон, бүгүҥҥү тэрээһини ылан көрдөххө, эрдэттэн бэлэмнэммит буоламмыт ыытыллыыта үчүгэй диэн сыана быһабын”, – диэн Антонина Алексеевна бэйэтин санаатын үллэстэр.
Ааптар: Харысхан Попов, Нам улууһа