Нэһилиэктэргэ сүрүн сынньанар сир култуура дьиэтэ буолар. Онуоха үлэ сатамньылаахтык барарыттан нэһилиэнньэ култуурунай олоҕо улахан тутулуктаах.
Нам улууһун нэһилиэктэриттэн Хамаҕатта социальнай эбийиэктэрин ахсаанынан барыларын куоһарда диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол курдук, кэккэ сылларга нэһилиэккэ дойду тустаах программаларыгар, национальнай бырайыактарга сөптөөхтүк үлэлэһэн саҥа тутуулары баар гыннылар: уһуйаан, оскуола, спорт саала, толору хааччыллыылаах элбэх квартиралаах дьиэ. Ону тэҥэ, национальнай бырайыак күүһэ Хамаҕатта асфальт суола өссө тупсарыгар уурулунна.
Арай, “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинэ дыбарыаска наадыйар. Киин 2021 сыллаахха саҥардыллан тыынын уһатар. Бэлиэтээн эттэххэ, улууспут улахан нэһилиэктэриттэн билиҥҥитэ Хамаҕатта эрэ култуура дьиэтэ суох диэн ааттыыбыт, суруйда @gazetaensieli
This post was published on 20.11.2024 15:04 15:04