Хамаҕаттаҕа “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥката буолла. Бу күн эттэн, үүттэн оҥоһуллубут олохтоох бородууксуйаны нэһилиэнньэ хамаҕатык атыыласта.
Нам улууһун бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатынан хааччыйар Ньургун Гуляев салайааччылаах “Эрэл” ТХПК, Хатыҥ-Арыы нэһилиэгиттэн Захар Винокуров салайааччылаах “Дьөһөгөй” бааһынай хаһаайыстыба, бэйэлэрин бородууксуйаларын атыыга таһаардылар. Хамаҕатта олохтоохторо, биирдиилээн кэтэх хаһаайыстыбалаахтар эмиэ кытыыны ыллылар.
“Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһиттэрин уонна дьаарбаҥка кыттыылаахтарын ылбаҕай ырыа ыллаан, хомоҕой хоһоон ааҕан эҕэрдэлээтилэр. Екатерина Заболоцкая салайааччылаах Е.М. Шапошников аатынан орто оскуола 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ ыллам ырыанан аспыттарын дьон олус үөрэ, долгуйа иһиттэ. Жанр бары көрүҥэр үлэлэһэр специалист Надежда Макарова “Ийэкээм”, уус-уран салайааччы Татьяна Гаврильева “Кэрэ” ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Сабарай Илгэ “Сааскы санаа” диэн хоһоонугар саҥа ырыа сүрэхтэнэн ылланна.
Атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, көр-күлүү маастара, биир дойдулаахпыт Валентина Чиркова ыалдьыттаан, дьон сүргэтин көтөхтө. Хамаҕатта нэһилиэгэр дьэдьэн олордуутунан, эмтээх отторунан дьарыктанар, ветеран биолог учуутал Валерия Кривошапкина бар дьоҥҥо туһалаах сүбэлэри биэрдэ.
Дьаарбаҥка кэмигэр “Үтүө санаа” аахсыйата үлэлээтэ. Нэһилиэк элбэх оҕолоох икки ийэтигэр бородуукта туттарылынна.
Тэрээһини Хамаҕатта нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын специалиһа, Саха Республикатын Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Галина Габышева көҕүлээһининэн ыытылынна.
Ааптар: Харысхан Попов, Нам улууһа
This post was published on 28.10.2019 11:03 11:03