Нам улууһун Хамаҕаттатыгар «Күбэй» эбэлэр түмсүүлэрин олохтоохтор бары хайгыыллар. Түмсүү кыттыылаахтара иистэнэллэр, ырыанан, үҥкүүнэн дьарыктаналлар, быыстапка, куонкурус арааһын тэрийэллэр. Быһата, нэһилиэккэ тэрээһин кинилэрэ суох ааспат.
«Күбэйдэр» ыһыахха чаппараах, саахымат көбүөр арааһын тигэннэр дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара. Кулууптарын методиһа Оксана Кудрина кинилэргэ анаан үөрэппит «Иистэнньэҥ эбэлэр» диэн сөбүлүүр үҥкүүлэригэр кыбытыылаах саахыматтары, сахалыы былааччыйалары, оһуордаах этэрбэстэри анаан тиктибиттэр. Маны сэргэ, эдэр эрдэхтэринэ тикпит таҥастарынан-саптарынан, быысыбайдарынан быыстапка бэртээхэйин оҥорбуттар.
Бу күннэргэ ыччаттар улуустааҕы уус-уран самодеятельноһы көрүү бэстибээлигэр кэтиэхтээх мааны бастыҥаларын тигэн, оһуордаан-мандардаан бүтэрдилэр. «Күбэйдэр» онно алгыс ырыатынан арыаллыахтаахтар.
This post was published on 22.03.2016 11:44 11:44