Хамаҕаттаҕа ыраас уу ситимэ холбонно

Нам улууһугар сайыҥҥы уу ситимин тардыы кэлиҥҥи кэмҥэ тэтимирдэ. Ол курдук, биэс нэһилиэккэ сайынын уу боппуруоһа быһаарыллан турар, билигин икки нэһилиэккэ итинник үлэ ыытылла сылдьар.


Бу күннэргэ Хамаҕатта нэһилиэгэр 18000 м кэриҥэ уһуннаах сайыҥҥы уу ситимэ кэлиитин үөрүүлээхтик бэлиэтээһин буолан ааста. Үөрүүлээх бэлиэтээһин саҥа тутуллубут ууну ыраастыыр станция таһыгар ыытылынна. Улахан үлэҕэ кыттыгастаах бары тэрилтэлэр, салайааччылар ( сакаасчыт — тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтэ, туттааччы-сакаасчыт — тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин тутууга дирекцията, бэдэрээтчит — «СахаАльтерТрейд» ХЭУо) биир түмсүүлээхтик үлэлээбиттэрин кэрэһэлээн бэйэ бэйэлэрин илиилэрин тутустулар, бииргэ кэккэлээн туран нэһилиэк историятыгар киирэр бэлиэ түгэнинэн олохтоохтору эҕэрдэлээтилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин I солбуйааччы Наталия Дягилева хамаҕатталары өр сыл баҕа санаа гынан илдьэ сылдьыбыт тутуулара олоххо киирбитинэн эҕэрдэлээн туран, тыа сирин олохтоохторун үлэлэрэ-хамнастара таһаарыылаах буоларын , олохторо-дьаһахтара тупсарын туһугар үгүс үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Кырдьыга да, Нам улууһа, киин куораты сыттана сытарын да быһыытынан, социальнай тутуулары ыытыы өттүнэн олоҕо-дьаһаҕа атын улуустарга холоотоххо, ордук сэргэх. Улуус баһылыга Александр Атласов эппитин курдук, 2012 сыллаахха I Хомустаахха ыччат квартала үлэҕэ киирбитэ. Онтон бу олох соторутааҕыта Аппааныга толору хааччыллыылаах дьиэлэрдээх «Озернай» диэн саҥа квартал дьэндэйэн таҕыста. Манна 455 ыал дьиэ-уот туттан, тэлгэһэ тэринэн ньир бааччы олоруоҕа, үлэ-хамнас да тахсыылаах буолуоҕа. Үлэ ыытылларыгар федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна Нам улууһун бюджетыттан үп көрүллэн асфальт суолланна, уот, уу, гаас ситимэ тардылынна.

Үөрүүлээх чаас кэмигэр олохтоохтор саҥа тутуллубут ууну ыраастыыр станцияттан ылыллыбыт иһэр ууну боруобалаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, тыа сирин дьонун олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга маннык хайысхалаах үлэ «Тыа сирин туруктаахтык сайыннарыы» тус сыаллаах федеральнай бырагыраамма быһыытынан ыытыллар.

Иван Максимов, Хамаҕатта дьаһалтатын баһылыга:
– Нэһилиэккэ 2116 киһи олорор. Сылга ортотунан 60 кырачаанынан эбиллэбит. Ону таһынан ыаллар, биирдиилээн дьон олохсуйа кэлэллэрэ элбээн иһэр. Уу ситимэ киирэрин биһиги туруорсубуппут, кэтэспиппит өр буолла. Онон үөрүүбүт улахан. Турбалар ыаллар олбуордарын таһыгар кэлэн турдулар. Онон эһиил олору биирдиилээн тиэргэннэргэ тириэрдэр сорук турар.

This post was published on 21.09.2016 17:45 17:45