Нам улууһун Хамаҕаттатыгар “Албан Аат” сквер арылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата, Хамаҕатта нэһилиэгин дьаһалтата уонна олохтоохтор нэһилиэк сайдыытыгар кыттыгас үбүлээһиннэринэн тутулунна, суруйар https://ulus.media/
Хамаҕаттатааҕы “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин үлэһитэ Татьяна Гаврильева онлайн-тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта. Нэһилиэк баһылыга Иван Максимов, баһылыгы солбуйааччы Дарья Протопопова уонна урбаанньыт Михаил Бурнашев кыһыл лиэнтэни кырыйаннар, сквери арыллыбытынан аахтылар. Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Анатолий Павлов интернет ситиминэн эҕэрдэлээтэ.
Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ сурук бэлэмнээн, нэһилиэк билиҥҥи хаартыскаларын онно суулуу тутан, “Капсула времени” иһиккэ уган, сир анныгар кистээтилэр. Билиҥҥини кэпсиир суруктар, хаартыскалар аны 50 сылынан биирдэ арыллыахтара.
Чулуу дьон аатын ааттатыахтаах тутууну олохтоох урбаанньыт Михаил Бурнашев толордо.
«Кэлэр көлүөнэ ыччат урукку сылларга үлэлээн ааспыт, Хамаҕаттаны Хамаҕатта дэппит үлэһиттэрбитин, нэһилиэги салайан кэлбит үтүөлээх дьоммутун билиэҕэ, убаастыаҕа, ытыктыаҕа уонна киэн туттуоҕа”, – диэн баһылык Иван Максимов эттэ.
Бочуот дуоскатыгар билигин 45 киһи аата сурулунна.
This post was published on 02.10.2020 18:01 18:01