Халыма-Уус-Ньара хайысханан айанныыртан туттунарга сүбэлииллэр

Өймөкөөҥҥө ардахтан халааннаабытынан, Хаандыга — Уус Ньара хайысханан айантан туттунарга сэрэтии үөскээтэ. Уу таһыма түстэҕинэ, Халымалыыр суол 406-965 км учаастагар өрөмүөн үлэтин саҕалыахтара.


«Билигин сырыы-айан суох. Чөлүгэр түһэрэр үлэ, хомойуох иһин, барбакка турар. Уу намтыырын күүтэбит», — диэн “Халыма” суолу салайар управление Магаданнааҕы филиалыттан Сергей Максименко эттэ.

«Халыма» упрдор иһитиннэрбитинэн, от ыйын 13 күнүгэр күүстээх ардах түһэн Эльга өрүскэ уу таһыма биллэ эбилиннэ. Суол 868+450 км баар муостаҕа тиийэр уҥа суолу уу суурайда. Суол сабыллан турар, дьуһуурустуба олохтоммут.

«Уу таһыма намтаан эрэринэн, баҕар, сарсыҥҥыттан саҕалаан өрөмүөннүөхпүт», — диэн СИА-ҕа Сергей Максименко эттэ.

Өрөмүөн үлэтэ хаһан түмүктэниэ билигин биллибэт.

This post was published on 14.07.2016 15:54 15:54