"Халыма" трасса муус суолугар техникаларга 30 туоннаҕа диэри көҥүллэннэ

«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 27 күнүттэн «Халыма» трасса муус суолугар массыыналарга 30 туоннаҕа диэри ыйааһыннаахтар айанныылларыгар көҥүл бэрилиннэ.

Алдан эбэни туоруур «Халыма» трасса Р-504 учаастагар муус суолга техникаларга 30 туоннаҕа диэри көҥүллэннэ. Куттал суоһаабатыгар уонна сэрэхтээх балаһыанньа үөскээбэтигэр «Бүлүү» суол управлениета суоппардар көҥүллэммит ыйааһыны тутуһаргытыгар сэрэтэр.

This post was published on 28.12.2022 09:01 09:01