"Халыма" трасса кытыытыгар инженернай инфраструктура оҥорорго сир учаастага тыырыллар

DCIM100MEDIADJI_0041.JPG

Суол кытыытынааҕы инженернай инфраструктураны үс сыл болдьохтоох тутарга «Халыма» федеральнайдааҕы трассаны кыйа сир учаастага тыырыллар, уопсай иэнэ 109 730 кв м, баайга-дуолга министиэристибэ иһитиннэрэр. 

Интэриэһиргээбит дьон тыырыллар сир учаастагын схематын уонна сир учаастактарын кадастровай нүөмэрдэрин  «Бүлүү» суол управлениетыгар билсиэххитин сөп: Дьокуускай,  Хабаров аатынан уулусса, 21/6 нүөмэрдээх дьиэтэ, үлэ бириэмэтигэр.

Росавтодор ааҕыныстыба туһааннаах дьаһала 2022 сыл муус устар 1 күнүгэр № 925-р тахсыбыта. Докумуону «Бүлүү» суол управлениетын сайтыгар көрүөххэ сөп.

Сир учаастактарын манна көр.

This post was published on 30.04.2022 17:01 17:01