Халыма өрүскэ үс нэһилиэнньэлээх пуун ууга турар

Халыма өрүскэ үс нэһилиэнньэлээх пуун ууга турар: Орто Халыма улууһугар — Орто Халыма уонна Налимскай, ону тэҥэ Үөһээ Халымаҕа — Походскай.

Орто Халыма куоратыгар 26 тиэргэн ууга турар. Налимскайга 41 тиэргэн сороҕун уу ылбыта. 73 киһини эрдэттэн көһөрбүттэрэ.

Походскайга 30 тиэргэн ууга турар. Олохтоохтор аймахтарынан уонна билэр дьонунан тарҕаспыттара.

Нэһилиэнньэҕэ наадалаах аадырыстаах көмө оҥоһуллар.

СИА.

This post was published on 09.06.2018 15:01 15:01