— Слепцов Евгений Михайлович, “Биир ньыгыл Арассыыйа” Саха сиринээҕи отделениетыттан;
— Шадрин Вячеслав Иванович, “Саҥа дьон” бэлитиичэскэй баартыйа эрэгийиэннээҕи отделениетыттан;
— Швец Александр Сергеевич, “Родина” эрэгийиэннээҕи отделениетыттан.
Санатан эттэххэ, ЛДПР эрэгийиэннээҕи отделениетыттан Макаров Семен Витальевич кандидатурата эрдэ регистрацияламмыта.
Уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Елена Новикова бэлиэтээн эппитинэн, хандьытааттары туруоруу уонна регистрациялааһын быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэриллэн ыытылынна. Ол курдук, Халыма-Индигиир биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар норуот дьокутаатын талыы эбии быыбарыгар хандьытааттар бары быһаарылыннылар.
Быһаарыы:
Слепцов Евгений Михайлович – Орто Халыма улууһугар төрөөбүтэ, Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятын бүтэрбитэ. 2007 сыллаахха Орто Халыма улууһун баһылыгынан үлэлээбитэ, 2012 сыллаахха Орто Халыма улууһун баһылыгынан иккистээн талыллыбыта.
Шадрин Вячеслав Иванович – Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын институтун устуоруйаҕа уонна Арктиканы чинчийиигэ отделын научнай үлэһитэ, Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын бастакы вице-бэрэсидьиэнэ. Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын уопсастыбаннай хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кыттар.
This post was published on 12.07.2024 13:01 13:01