"Халыма" федеральнайдааҕы трассаҕа муус суол кыамтатын улаатыннардылар

Тохсунньу 11 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур суол кыамтатын 10 туоннаҕа диэри улаатыннардылар.


«Халыма» федеральнайдааҕы айан суолугар техника кыамтатын улаатыннардылар. Алдан эбэнэн 365-с км Хаандыга — Мэҥэ-Алдан хайысхатынан — 30 туоннаҕа диэри көҥүллээтилэр. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх туһаайыытынан — 10 туонна.

«Бүлүү» суол управлениета айан суолугар куттал суоһаабатын уонна муус суолу харыстыыр сыалтан техника кыамтатын нуорматын тутуһаргытыгар ыҥырар.

This post was published on 12.01.2021 14:02 14:02