Уустук балаһыанньа туһунан “Бүлүү” Упрдор ФКУ пресс-сулууспатын салайааччыта Гаврил Матвеевтан быһаарарыгар көрдөстүбүт:
— Бу күннэргэ уһун ардах түһэн, “Халыма” федеральнай суол Таатта улууһун эҥэринэн ылбычча киһи айаннаабат буолла. Онон сибээстээн балаҕан ыйын 13 күнүттэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри массыына айана хааччахтанна. Быстах кэмҥэ хааччахтааһын суолу чөлүгэр түһэрэр уонна күн-дьыл туруга мөлтөх кэмигэр ыарахан уйуктаах массыыналар айанныыр кэмнэригэр суол куттала суох буолуутун хааччыйар инниттэн салалта маннык быһаарыыны ылынна. Бу этиллибит кэм устата бэдэрээтчит суолу чөлүгэр түһэрэргэ бары наадалаах дьаһаллары ыытар. Суолу оҥорууга 21 тиэхиньикэ үлэлиэҕэ: үс автогрейдер, үс экскаватор, үс бульдозер, тоҕус самосвал, икки трал, биир УАЗ массыына.
“Бүлүү” Упрдор “Халыма” суолунан сылдьааччылары күн-дьыл туруга уонна суол туруга тупсуор диэри бу хайысханан айанныыртан туттунарга ыҥырар. Федеральнай суолталаах А-331 “Бүлүү” уонна Р-504 “Халыма” федеральнай суоллар туруктарын 8 (924) 593-80-28 ФКУ диспетчерскэй сулууспатыгар эрийэн билсиэххитин сөп.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 13.09.2024 15:28 15:28