«Халыма» федеральнай массыына суолугар уу алдьаныыны таһаарда

Ыам ыйын 18 к. Томпо улууһун биир кэлим диспетчерскэй сулууспатыгар Дьокуускай – Магадан икки ардынааҕы «Халыма» федеральнай массыына суолугар 357 км+500 учаастакка уу алдьаныыны таһаарбытын туһунан иһитиннэрии киирбитэ.


Сонно тута «Халыма» Упрдорга, Томпо полициятыгар уонна суол бу учаастагын көрөр, өрөмүөннүүр «Тааттавтодор» ХЭТ биллэрбиттэрэ.

Алдан өрүскэ көмүөл саҥа ааһан муус устуута дьэ бүтэн эрэр буолан паромнар сылдьа иликтэр, ити учаастакка сэлиэнньэ суох сирэ, онон улахан айан-сырыы суох. Арай таксистар соҕотох салгын подушкалаах тэрилгэ дьону таһаллар.

«Тааттавтодор» ХЭТ 13 единица техниканы, ол иһигэр 4 комбинированнай суол массыыналарын, биир погрузчигы, биэс грейдеры, үс «УАЗ» массыынаны аҕалан үлэлэттэ. Үлэни «Тааттавтодор» ХЭТ суол учаастагын начальнига Юрий Андреев салайан ыытта. Суол оҥоһулунна.

This post was published on 19.05.2016 16:39 16:39