Аллараа Халыма улууһугар Халыма эбэҕэ муус хамсааһына салҕанар. Походскай нэһилиэккэ уу таһыма 1 001 см киритиичэскэй таһымҥа тиийбит. Онон ситимнээн уон киһи олорор үс тиэргэнэ ууга барбыт. Билиҥҥи туругунан, аэроразведкаҕа уонна балаһыанньаны сыаналыы диэн, Халыматааҕы суһал бөлөх бөртөлүөтүнэн көтөөрү бэлэмнэнэр.
Алдан өрүскэ муус устан ааспыт да буоллар, халаан уутун саҥа долгунун чэрчитинэн эбии уу кэлбит. Чагда нэһилиэгэр уу таһыма 1 672 см тэҥнэспит. Киритиичэскэй таһыма — 1 550 cм. Ол түмүгэр 16 тиэргэн ууга барбыт. Итиэннэ уу таһыма киритиичэскэй 1 470 таһымтан Уус Маайа оройуонун Уус Миил нэһилиэгэр барбыт. Уу таһыма — 1 481 см тэҥнэспит.
Онтон атын оройуоннарга халаан уута этэҥҥэ устар. Өлүөнэ өрүскэ Хабаров аатынан гидрометыстаансыйа аннынан муус хойуутук устар. Уу таһыма — 1 036 cм. Дьааҥы өрүскэ муус алын кирбиитэ Усуйаана анныгар бэлиэтэнэр. Уу таһыма — 477 см.
This post was published on 02.06.2025 15:05 15:05