“Халыма” айан суолугар балаһыанньа хонтуруолланар

Өймөкөөҥҥө хас да күнү быһа күүстээх ардах түһэн, улууһу Дьокуускайы кытта ситимниир Элги өрүс хаатыттан тахсыбыта. Айылҕа содулуттан сылтаан сүүнэ улахан тимир муоста кытыыта суураллан, айан-сырыы бу эҥэр тохтоон турар.


Бу күннэргэ суолу оҥорор бэдэрээччиттэр “Халыма” федеральнай суолун Уус-Ньара уонна Бадараан рудник диэкиттэн оҥорон барыахтара.

Федеральнай суол управлениетын салайааччыта Виктор Игнатьев иһитиннэрбитинэн, Өймөкөөн улууһуттан ДЭП-132, Томпоттон “Дортранс” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэлэрэ үлэлэрин бүгүҥҥүттэн саҕалаатылар.

Үөскээбит балаһыанньаны “Халыма” федеральнай суол управлениетын салайааччыта Виктор Игнатьев маннык быһаарар:

— Төһө да хайалаах сир буоллар, үрэх сүүрүгүн тохтотууга кутуллар көһөҥө тааһы булуу уустук. Уу кутуллубут тааһы тута суурайа турар. Ол иһин бэрт ыраах сиртэн улахан таастары аҕалан кутуу соруга ирдэнэр. Биллэн турар, бу маннык ыарахан балаһыанньаҕа артыаллар эрэ көмөлөһөр кыахтаахтар. Улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров, төһө да уоппускаҕа сырыттар, бары тэрээһин боппуруостары күн аайы быһаарса олорор. Онон бу күннэргэ “Западнай” артыал Бадараан руднигын аттыгар муспут көһөҥө таастарын самосвалларынан таһыахпыт. Өрөмүөн ыытыллар сиригэр эбии бульдозер уонна экскаватор үлэлиэхтэрэ. Маныаха Күбүмэ учаастагар үлэлии сылдьар суолу оҥорооччулары эмиэ кытыннарыахпыт.

Элги муостата бэйэтэ бүтүн турар. Суолу кытта холбуур билиитэлэри түргэн сүүрүктээх уу суурайан, муоста сорох чэпчэки ыйааһыннаах тутуулара тоҕо барда. Ол ону айан суолун оҥордохпутуна, уу түстэҕинэ ситэри өрөмүөннээн биэриэхпит. Айылҕабыт туран биэрдэр диэн баҕалаахпыт да, синоптиктар кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар диэри ардаҕы билгэлииллэр. Оччотугар Элги өрүс эмиэ улаатар чинчилээх. Онон үлэ хаамыыта ийэ айылҕа туругуттан улахан тутулуктанна.

Салайааччы салгыы бэлиэтээбитинэн, “Халыма” федеральнай суол атын учаастактарыгар алдьаныы-кээһэнии суох. Буола турар балаһыанньа бырабыытылыстыба уонна улуус салалтатын хонтуруолугар турар.

This post was published on 15.07.2016 15:38 15:38