Алтынньы 5 күнүгэр Орто Халыма улууһугар 80 тонна оҕуруот аһын тиэйэн испит баарса Халыма өрүһүгэр чаардаата. Тиэллэн испит бородууксуйа барыта үлүйбүт уонна төттөрү Магадан уобалаһыгар ыытыллыбыт.
Улуус биир кэлим диспетчер сулууспата иһитиннэрэринэн, оҕуруот аһа Орто Халыма куоракка тиэрдиллиэхтээх эбит, ол эрээри өрүс уутун таһыма намыһаҕыттан сылтаан суудуна сатаан тиийбэтэх.
«Баарсаҕа Магадан уобалаһыттан сылдьар Колобков урбаанньыт хортуоската уонна оҕуруот аһа тиэллэн испит. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэнньэ оҕуруот аһыгар быстарбат. Соторутааҕыта «Якутоптторг» тэрилтэ «Магдебург» хараабылынан 46 тонна кэриҥэ оҕуруот аһын тиксэрбитэ», – диэн Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Слепцов иһитиннэрдэ.
Алтынньы 1 күнүгэр бородуукталары тиэйэн испит «Магдебург» хараабыл эмиэ чаардаан ылан, таһаҕаһын барытын үс күн иһигэр кыра суудуналарынан Орто Халымаҕа тиксэрбиттэр диэн бэлиэтэнэр.
Источник: http://nvk-online.ru
This post was published on 07.10.2019 16:00 16:00