Халымаҕа быыһааччылар биэс пассажирдаах массыынаны муус билиэниттэн босхолоотулар

Быыһааччылар Соболоох күөлүгэр тааҥҥа түспүт биэс пассажирдаах массыынаны хостоотулар. Бу туһунан СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи быыһыыр сулууспа уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ исписэлииһэ Николай Фатеев иһитиннэрдэ.


Быыһыыр сулууспаҕа Орто Халыматтан 30 километр сытар “Халыма” федеральнай трассатыгар Соболоох күөлгэ ыарахан уйуктаах массыыналар мууһу тоҕо баттаабыттарын түмүгэр тааҥ тахсан, УАЗ массыына буксуйбутун туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Массыынаҕа айанньыттары кытта 1 оҕо баара.

Салгын температурата 25-30 кыраадыс тымныы этэ, сөкүүндэҕэ 14 миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыал үрэрэ.

Дьону быыһыы Орто Халыматтан Халыматааҕы этэрээт начаалынньыга Алексей Тарасов салалтатынан үс быыһааччы барбыта. “Быыһааччылар дьону бэйэлэрин массыыналарыгар көһөрбүттэрэ уонна УАЗ массыынаны хостообуттара. Массыынаны уонна быыһаммыт дьону Орто Халымаҕа илдьибиттэрэ”, — диэтэ Николай Фатеев.

This post was published on 09.03.2018 15:43 15:43