Халлаан күөҕэ өҥнөөх тэллэйи Нерюнгри ойууругар буллулар

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Бу тэллэй сэдэх буолбатах, Кыһыл Кинигэҕэ киллэриллибэтэҕэ. Бэс ойуурга биирдэ эмэ көстөр, элбэх сыллаах (2–5 сыллаах)», – диэтэ ЯСИА-ҕа Людмила Михалева.

Хаартыска: «Индустрия Севера» хаһыат телеграм-ханаала

Эксперт эппитинэн, сиэммэт, ити эрээри кутталы үөскэппэт. Медицинаҕа туһаныллыбат, ойуур экосистиэмэтин компонена.

«Нерюнгрига баар буолбута ыраатта, биллэр тэллэй. Ардахтаах күҥҥэ ордук көҕөрөн көстөр. Кураан кэмигэр сиэрэйдиҥи, болҕомтоҕо ылыллыбат. Ол иһин дьон хараҕа хатаммат», – диэтэ миколог.

This post was published on 07.08.2025 10:40 10:40