“Халлааммыт Бөтүрүөпкэ, кыратык даҕаны буоллар, ардаата. Сорох сиргэ балачча илиттэ дииллэр. Онон аны мантан сайын-күһүн кэлэр таҥара күннэрин көтүппэт чинчилээх, ол эрээри, от үлэтин харгыстаабат курдук быстах ардахтар түһүөхтэрэ”, — диир дьылдьыт Андрей Варламов.
Кини дойдутугар, Чурапчы Мугудайыгар, баран сынньанан кэллэ. Онон сиэттэрэн, от-мас үүнүүтүн, айылҕа хаамыытын туоһуласпыппар: “Алаастарга үрдүк, хордоҕой эрэ сир үүнүүтэ мөлтөх. Оттон хотоол, күлүк өттүлэригэр от бэркэ анньан таҕыста. Үрэхтэри этэ да барыллыбат. Уу-сиик элбэх, тиистээх үөн аһыҥа аҕыйах. Хамныыр киһи баҕас тастан от атыыласпакка, тиэйбэккэ туоруур дьыла. Үлэлиэххэ эрэ наада. Быйыл биир дьиктини бэлиэтии көрдүм: сардаана сибэкки олус хойуутук үүннэ, урут биирдиилээн тахсар буолара…” – диэн кэпсээтэ Андрей Алексеевич.
Дьылдьыт бэлиэтииринэн, сааспыт эрдэлээн баран, сайыммыт бытаарда. Холобур, сардаана бэс ыйын бүтүүтэ кэхтээччи, быйыл от ыйын 7-8 күннэригэр диэри тэтэрэн турда. Төннүгэс анды от ыйын 6-7 күннэригэр биллээччи, быйыл 12-кэ кэлэн ааспыт. Хаптаҕас Бөтүрүөпкэ диэри буһара, билигин саҥа ситэ сатыыр. “Мантан күһүн хаһыҥ хаарыйбатаҕына, моонньоҕон үүнэр чинчилээх. Отонуттан даҕаны бэрсимэхтиэ. Хаһыҥ эрдэ түһүө суох курдук. Күһүнэ ааттаах үчүгэй буолуоҕа. Балаҕан ыйын бүтүүтэ халлааммыт тымныйан, маҥнайгы хаар түһүө гынан баран, тута ууллуоҕа”, — диэн сабаҕалыыр Андрей Варламов.
“Халлааммыт аны улаханнык итийиэ дуо?” – диэн ыйытыыбар Андрей Алексеевич: “От ыйа бүтүөр диэри куйаас күннэр үүнүөхтэрэ. Ол гынан баран, 27 кыраадыстан ордук итийиэ суоҕа”, — диэн хоруйдаата.
Отчуттар, болҕойуҥ!
Халлаан Борокуоппайапка — от ыйын 21 күнүгэр, онтон Ылдьыыҥҥа – атырдьах ыйын 2-гэр, салгыы Ыспааһаптарга – атырдьах ыйын 14, 19 уонна 28 күннэригэр ардаҕын түһэриэн сөп. Отчуттар ити таҥаралар күннэрин бэлиэҕэ ылан, охсубут отторун ардахха баттаппат гына дьаһаналлара ордук.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru
This post was published on 15.07.2018 10:00 10:00