Атырдьах ыйын 17 күнүттэн “Бичик+” кинигэ маҕаһыыныгар хас биирдии атыылаһааччыга сахалыы суруктаах кинигэ кыбытыгын бэлэхтээн эрэллэр. Салгыы ааҕааччыларга бириис оонньонуоҕа.
Бу туһунан тэрээһин көҕүлээччитэ, Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Халан маннык кэпсиир: «Сахалыы ааҕыыны өйүүр соруктаах эгэлгэ тэрээһиннэри ыытыахха диэн толкуйдаабыппыт ыраатта. Бу сырыыга Фэйсбуукка уонна “Сахам сайдам саҥата” бассаап-бөлөххө ол туһунан кэпсэтии буолбутугар “Арай, сахалыы бэргэн этиилээх кыбытыктар (закладкалар) бааллара буоллар” диэн өй көтөн түспүтэ. Тута онно уонна атын да бөлөхтөргө ханнык этиилэри бэчээттээн тарҕатыахха сөбүй диэн толкуйдаабыппыт. Түмүгэр биэс кылгас этиини талбыппыт. Уонна 500 кыбытыгы бэчээттэтэн, “Айар” дириэктэригэр Август Егоровка илдьэн биэрбиппит, маны маҕаһыыҥҥар тарҕатыаҥ дуо диэн этиилээх. Ону киһибит иилэ хабан ылан, салгыы бириистээх онньуу тэрийиэххэ диэн толкуйдаатыбыт».
— Бириистээх оонньууга хайдах кыттыахха сөбүй?
— Кыбытыгы атыыһыттар хас биирдии атыылаһааччыга бэлэхтиэхтэрэ. Ону оонньуон баҕалаахтар хаартыскаҕа түһэрэллэр (атыыласпыт кинигэлэрин кытта, эбэтэр бэйэлэрэ тутан туралларын) уонна инстаграмнарыгар анал хэштегтээх (#Айар, #БиикиДомох,
#КинигэКыбытыга) бэчээттииллэр. Онтон атырдьах ыйын 27 күнүгэр ол дьон ааттарын мунньан, лотерея курдук ыытыахпыт уонна икки кыайыылаахха бириис биэриэхпит. Оонньуу “Айар” инстаграамыгар быһа эпииргэ көстүөҕэ.
— Туох бириис баар буолуой?
— Биллэн турар, оонньуу босхо буоларын быһыытынан, бириистэрбит дьоҕустар, ол эрээри дьон сэргиэ дии саныыбыт. Бастакы кыайыылаахха соторутааҕыта тахсыбыт 6 кинигэни бэлэхтиэхпит (ол иһигэр бэйэм сүрдээҕин кэрэхсээбит “Уйгур” диэн кинигэм баар, Сайа суруйуута), иккис кыайыылаахха спонсорбыт “Быһыы киинэ” бэртээхэй тупсаҕай оҥоһуулаах кинигэҕэ туттарыллар лаампа-ҕааддьыт атыыласпыта. Уонна ордук сэргэхтик суруйбут, эбэтэр дьон болҕомтотун тардыбыт хаартысканы бэчээттээбит киһиэхэ “Айардар” бэйэлэрэ талан анал бириис туттарыахтара.
— Бу тэрээһин туһунан кэпсииргэр “өйүк”, “кыбытык” иҥин диэн сонун тыллары туттаҕын, бу туһунан кэпсээ эрэ.
— Бассаапка “Сахалыы тиэрминнэр” диэн бөлөхтөөхпүт. Онно суруналыыстар (Людмила Попова, Уйбаан Гаврильев уо.д.а.), тыл үөрэхтээх учуонайдар (университеттан Гаврил Торотоев, ГЧИ учуонайдара), тылы туруулаһар активистар (дьокутаат Ойуур Байбал, урбаанньыт Руслан Баишев, быраас уонна тылбаасчыт Бүөтүр Тумууһап, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ биэнсийэлээх Аркадий Самсонов уо.д.а.) бааллар. Ол бөлөххө кэмиттэн кэмигэр араас тыллары ырытабыт. Тиэрмиҥҥэ майгынныыр, тиэрмин буолуон сөптөөх. Холобур, ити кыбытык диэн тылы онно ырытан баран туттар буоллубут. Оттон ити “ҕааддьыт” диэн тылы АХШ-ка олорор саха көмпүүтэрдьитэ Михаил Кыраһа гаджет диэн тылы сахатыппыта сылдьар. Ҕ дорҕоонтон тахсар сахабыт тылыгар соҕотох тыл быһыылаах (күлэр).
— Биики Домох диэн тугуй?
— Сахалыы Бикипиэдьийэ диэн энциклопедия баарын, баҕалаах дьон барыта босхо ааҕыан сөбүн, ону ааһан суруйуон сөбүн дьон син билэр буолла. Итиннэ ханыы Биики Домох диэн бырайыагы арыйбыппыт. Онно айымньылартан быһа тардыылары, бэргэн этиилэри угабыт. Төлөпүөнтэн дуу, көмпүүтэртэн дуу киирэн тускутугар босхо туһанар буолуҥ.
— Кэпсээниҥ иһин махтанабыт!
Сахалыы ааҕар дьон бэйэбит сахалыы суруйар дьону өйөөбөтөхпүтүнэ, кинилэр айымньыларын атыылаһан аахпатахпытына, ким өйүөй? Кытаатан ааҕыахха, кинигэтэ бэлэхтэһиэххэ!
Манна бириистэри көрүөххэ сөп: https://www.instagram.com/tv/CSq_8pZhX_J/?utm_medium=copy_link
This post was published on 19.08.2021 12:01 12:01