Халаантан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ оттук сезонун уһатыахтара

“СӨ ОДьКХ” ГУП Илин эҥэр уонна Хаҥалас оройуоннарынааҕы үлэһиттэрэ халаантан босхоломмут итиинэн хааччыйар эбийиэктэри чөлүгэр түһэрдилэр.


Бүгүн тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виктор Омуков Илин эҥэр улуустар филиалларыгар чөлүгэр түһэрэр үлэни бэрэбиэркэлээтэ.

Амма, Таатта, Чурапчы оройуоннарыгар нэһилиэктэр баһылыктарын сайаапкаларынан ууга барбыт эбийиэктэри куурдар туһуттан оттук сезона уһатылынна.

СИА.

This post was published on 23.05.2018 13:57 13:57