Ардах уутун халааныттан эмсээлээбит Дьааҥы улууһун биэс олохтооҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ реабилитация ааһар. Сыл саҕаланыаҕыттан барыта 40 киһи маннык көмөнү ылла, суруйар СИА үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн.
18 күн устата пациеннар медицина кэтээн көрүүтүн ааһаллар, сүрүн ыарыыларынан эмтэнэллэр, уйулҕаларын туругун чөлүгэр түһэрэллэр, маны сэргэ аутотренинг бараллар. Сылы түмүктүүр бөлөххө Дьааҥы олохтоохторо киирдилэр. Кинилэр ортолоругар Сартаҥ олохтооҕо Матрена Аммосова баар.
«Ахсынньы 5 күнүгэр кэлбитим. Тута кииҥҥэ киирбитим. Кэтээн көрүүнү ааһабын, массаажка, эмтэнэр физкультураҕа сылдьабын. Кииҥҥэ бары усулуобуйа тэриллибит. Минньигэс ас, сэргэх персонал. Үйэм тухары тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиибин. Ол иһин сүһүөхтэрим ыалдьаллар. Манна уҥуохпун-иҥиэхпин көннөстөр санаалаахпын. Хаһаайыстыбабын оҕолорум көрө хааллылар, кинилэр манна кэлэрбэр көҕүлээбиттэрэ. Онон сүөһүлэрбэр холкубун. Реабилитацияны ааһарга бэлэммин», — диэтэ биэс оҕо ийэтэ, тоҕус оҕо эбэтэ.
Дьааҥы олохтоохторун реабилитациялааһын Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тэрилиннэ.
Санаттахха, халааҥҥа 11 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллыбыта, 350 чааһынай дьиэ, 118 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 12 социальнай эбийиэк уонна 13 тыа хаһаайыстыбатын эбийиэгэ ууга эмсэҕэлээбитэ. Регионнааҕы былаас кинилэри өйүүргэ 30 мөл солк анаабыта.
This post was published on 09.12.2022 14:01 14:01