Халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ былаас көмө оҥорор

Саха сиригэр халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэр көмө ылыахтара. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ кэпсээтэ, суруйар СИА.

«Быйылгы уу Өлүөнэ өрүскэ – Өлүөхүмэ, Нам, Уус Алдан оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга таарыйда. Улахан хоромньу тахсыбата эрээри, 300-чэ олорор дьиэ ууга эмсэҕэлээтэ. Хамыыһыйа үлэлиир, хоромньу ааҕыллар. Ким айылҕа алдьатыытыгар түбэспит, ол көмө ылыаҕа. Сорохтор ылан эрэллэр. Оттон айан суола алдьаммыт сирдэригэр — чөлүгэр түһэрии барар. Сорох сирдэргэ бүттэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан оройуоннарга экстреннай сулууспалар үчүгэйдик үлэлээбиттэрин бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев 17 ойуур баһаара турбутун, 198 гектары хаппытын эттэ. Былырыын бу кэмҥэ 200-тэн тахса ойуур уота баара, түөрт тыһыынча гектардаах сиргэ. «Сулууспалар ыам ыйыгар күүскэ үлэлээтилэр, дьон эппиэтинэһэ улаатта диэххэ сөп. Балыксыттар, булчуттар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннастылар. Онон балаһыанньа хонтуруолга тутулунна«,-  диэтэ кини уонна искусственнай сөҥүүнү ыҥырар зондировщик-сөмөлүөт  үлэтин биһирээбитин биллэрдэ.

This post was published on 02.06.2022 11:01 11:01