Ыам ыйын 13 күнүттэн Хаҥалас улууһугар, халаан уутунан сибээстээн, үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ биллэрилиннэ. Туһааннаах дьаһалга улуус баһылыга илии баттаата.
Халаан уута ааһар кэмигэр балаһыанньаны тутан олорор эппиэттээх дьон ананнылар, оройуон дьаһалтатын сотрудниктарынан.
Нэһилиэк баһылыктарыгар суукканы эргиччи дьуһуурустуба олохтууллара ирдэнэр, Сүөһүнү, сылгыны үрдүк сиргэ көһөрүүнү хонтуруолга ылалларыгар уонна булчуттары кытта өйдөтөр үлэни ыыталларыгар этилиннэ.
Борогунуос быһыытынан, Өлүөнэ эбэ Хаҥалас улууһун туһаайыытынан биир-икки хонугунан эстиэхтээх.
This post was published on 13.05.2024 12:46 12:46