Халаан уута-2022: Хоточчулар сүөһүлэрин, сылгыларын үөһэ мырааҥҥа таһаардылар

Хаҥалас улууһун Хоточчутун олохтоохторугар муус барыыта куруук сэрэхтээх кэминэн биллэриллэр. 2010 сыллаахха улахан уу кэлэн, элбэх ыал хаһаайыстыбаларыгар хоромньу көрсүбүтэ. Ким эрэ көһөргө күһэллибитэ.

Саас буолла да, хоточчулар ууну манаабытынан бараллар. Өлүөхүмэ балаһыанньатын көрөн, онон барыллаан дьаһаналлар. Олохтоох дьаһалта анал постарга уу кэлиитин кэмниир, дьуһуурустуба олохтонор. Нэһилиэнньэ эмиэ харах-кулгаах буолан олорор.

Бу күннэргэ отторун, сүөһүлэрин, сылгыларын үөһэ мырааҥҥа, дэриэбинэттэн 3 км тэйиччи, таһаардылар. «Сэрэхтээх буолар ордук. «Баҕар ааһыа диэн олорон биэрэр сатаммат«, — дииллэр.

This post was published on 23.05.2022 12:15 12:15