Халаан - 2020. Сүөһүнү, сылгыны үрдүк сиргэ таһаардылар

Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатынан тэрилтэлэрэ муус ааһар кэмигэр бэлэмнэр. Баар балаһыанньанан тохтоло суох мониторинг ыытыллар. Тустаах министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эппитинэн, өрүстэргэ муус ааһар кэмигэр сүөһүлэри үрдүк сирдэргэ көһөрүлүннэ. Быстах кэмҥэ турууга 27 827 төбө сүөһү (былаантан 69,9 %), 31 312 сылга (былаантан 86,3) ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэ улахан уулара хайдах ааһарыттан сүөһүнү быстах турар сиргэ таһаарыы дьаһала ылыллар. Билигин Уус-Майа, Томпо, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам, Горнай, Таатта, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускай куоракка суукканы эргиччи кэтээн көрүү ыытыллар. Сүөһүлэри баазаларыгар уу түстэҕинэ биирдэ илдьиэхтэрэ. Сүөһүлэр кылгас кэмҥэ турар куттала суох сирдэригэр астара толору баар.

This post was published on 13.05.2020 16:54 16:54