Өлүөнэ өрүс халааҥҥа бэлэмнэниитин чэрчитинэн Табаҕа бөһүөлэгин таһыгар мууһу хараарда уонна эрбэтэ сылдьаллар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников билистэ, диэн СИА кэпсиир.
Түөрт балаһалаах учаастак 2,3 км уһуннаах уонна 20 миэтэрэ кэтиттээх. Дьураалар икки ардыларыгар 100 миэтэрэ. Сири-уоту хаартан ыраастыыллар, ол кэнниттэн кумах куталлар. Күн уота ититтэҕинэ чох муус ирэрин-уулларын түргэтэтэр, быдан чарааһыыр. Инникитин бу үлэ муус барыытын биллэрдик чэпчэтэр.
Куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбыннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов этэринэн, муус харааһына тахсыан сөп сирдэргэ, мууһу хараардар, чарааһытар үлэлэри номнуо кулун тутарга саҕалаабыттар, муус устар бүтүүтүгэр үлэлэр түмүктэниэхтэрэ.
«Өрүс устар кэмигэр харыы тахсыбатын диэн, мууһу эрбээһиҥҥэ уонна хараардааһыҥҥа үлэни ыыталлар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар маннык дьаһаллар 20-чэ кэриҥэ сыл ыытыллаллар уонна көдьүүстэрин көрдөрдүлэр. Арассыыйа үрдүнэн маннык үлэ биһиги эрэ региоммутугар ыытыллар, онон бүгүн биһиэхэ тустаах опыт мунньулунна, исписэлиистэр бэйэлэрин дьыалаларын билэллэр. Бу үлэлэр бары ааспыт сыллар уопуттарын учуоттаан, научнай түмүктэргэ олоҕуран ыытыллаллар», — диэн бэлиэтээтэ Иннокентий Андросов.
Бэйэтин уочаратыгар Росводоресурс ууга управлениетын салайааччыта Петр Аргунов бу үлэни үбүлээһин сыл аайы улаатарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, быйыл ити сыалга 44,9 мөл. солк. көрүллүбүт.
«Үлэ саамай ыарахан уонна кээмэйдээх чааһа мууһу хаартан ыраастааһын буолар, салгыы өрүскэ хараардар матырыйаалы куталлар. Бу матырыйаал 80% ҕрүс кумаҕа уонна 20 % чох быыла. Үлэҕэ хайаан даҕаны экологическай матырыйааллары эрэ туһаныллаллар. Чараас кумах өрүс ньууругар быраҕыллар уонна үс чаас кэнниттэн, күн ититтэҕинэ, чалбахтар тахсаллар. 10-15 хонугунан муус биллэ кэбириир», — диэн Петр Аргунов иһитиннэрдэ.
Кини кэпсииринэн, билигин халаан уутун содулун туоратыыга хараардааһын үлэтин кээмэйин былааннаммыттан 60-%- нын, эрбээһини-90%-нын толордулар. Үлэлэри Ленскэй, Өлүөхүмэ, Үөһээ Халыма оройуоннарын территорияларыгар түмүктэннэ. Орто Халыма оройуона түмүктүүр түһүмэххэ сылдьар.
Ордук элбэхтэ харыы тахсар сирдэргэ Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Кэбээйи оройуоннара уонна Дьокуускай киирсэллэр. Алдан өрүс — Алдаҥҥа, Уус-Маайаҕа, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа кутталы үөскэтэр. Халыма бөлөх оройоуннарыгар харыы тахсыан сөптөөх 4 сир баар. Бүлүү улууһугар — Бүлүү өрүс, Ньүүйэ, Өлүөхүмэ, Тээнэ өрүстэргэ — Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннара. Амма өрүс — Амма, Чурапчы, Таатта улуустарыгар тахсыан син.
Санатан эттэххэ, быйыл барыта 72 учаастакка 699 гектардаах сири хараардыахтаахтар, уонна 41 км иэннээх 7 учаастка мууһу эрбиэхтээхтэр. Ону сэргэ икки хамаанда мууһу дэлби тэптэриигэ үлэлиэҕэ. Бары 25 туонна эстэр матырыйаал көрүлүннэ.