23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хайдах алкоголик буолалларый?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Статистика көрдөрөрүнэн, бырааһынньыктарга “култуурунайдык” иһэр уонна “буор иһээччилэр” ахсааннара ыкса сибээстээхтэр уонна бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээхтэр. Ол эбэтэр, төһөнөн элбэх арыгыны атыылыыр маҕаһыын баар даҕаны, соччонон элбэх киһи “култуурунайдык” иһиигэ киирэр. Ол оннук иһэр дьон араҥата элбээтэҕинэ, профессор Красноносов суруйарынан, кэлин 6 “култуурунай” иһээччиттэн биирэ хайаан да алкоголик буолар.

Онон төһөнөн элбэх арыгы атыытыгар көҥүл тэнийэр, атыылыыр маҕаһыын элбиир да, соччонон “култуурунайдык” иһии уонна алкоголик ахсаана элбиир.

Култуурунайдык” иһии ыччакка дьайыыта сүрдээх улахан. Эдэр киһи кими ордук батыһыай? Арыгылаан дьүһүн-бодо, сыт-сымар буолбут, таҥаһа-саба бүппүт киһини көрөн туран, ким итинник буолуон баҕарыай? Ол оннугар дуоһунастаах, үчүгэй таҥастаах-саптаах, уопсастыбаҕа балаһыанньалаах, ол эрээри бырааһынньыктарга иһэр, арыгыны куһаҕан диэбэт дьону батыһар. Бу киһи иһэр эрээри, маннык ситиһиилээх буоллаҕына, мин да арыгылаан, ситиһиигэ тиийиэхпин сөп эбит дии саныыр.

Биһиги уопсастыбабытыгар алкоголик туһунан: “бу киһи бэйэтэ куһаҕан, ол иһин итинниккэ тиийдэ” диэн өйдөбүл баар. Ити олох сыыһа. Мин элбэх алкоголигы кытары кэпсэппитим, урукку өттүгэр үчүгэй үлэҕэ үлэлии сылдьыбыт, өйдөөх, салайааччылыы да сылдьыбыт дьон бааллар. Тоҕо манныкка тиийбиттэрин ыйыттахха, мунаараллар, ол эрэн: “арыгы куһаҕан” дииллэр.

Дьэ, ити арыгы куһаҕан буолан, хайдах да бэйэлэээх киһини тобуктатыан сөп. Сороҕор“култуурунайдык” иһэ сылдьан, алкоголик буолбакка олохторун моҥообут дьон бааллар. Ол эрээри маннык көстүү бэйэлэригэр тиийбэтэҕэр, ийэлэригэр-аҕаларыгар махтаныахтарын наада. Оттон ыччаттарыгар холобур быһыытынан хаалларбыттара куһаҕаннык дьайыан сөп. Оҕолоро көрө сылдьан улааппыт буолан, “култуурунайдык” иһэ сылдьан, ылларбыттарын бэйэлэрэ да билбэккэ хаалыахтара. Тоҕо диэтэр, кинилэр төрөппүттэрэ испиттэрэ бэриллэр.

Арыгы – дьаат, наркотик. Дойду үрдүнэн арыгылааһын тэнийиитин төрдө — “култуурунай” иһиигэ сытар диэн исписэлиистэр этэллэр. Онон билигин ыытылла турар бэлиитикэ бу араҥаҕа ананыахтаах. Ол аата үлэлии-хамсыы сылдьар, дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар кыахтаах интэлигиэнсийэ чөл олоҕу бастаан талыан наада. Дьиҥэ, арыгылааһын тэнийиитэ экэниэмикэ боппуруоһа буолбатах. Арыгы атыытыттан тугу да ылбаппыт көһүннэ. Бу бэлиитикэ боппуруоһа. Арыгыһыт буолбут киһини эмтээн, төһө эмэ бириэмэни ыытан, үтүөрдүбүппүт кэннэ, ол киһи төһө туһаны аҕалыай?

Оттон билигин тигинэччи үлэлии-хамсыы сылдьар киһи чөл олоҕу тутустаҕына, дойду сайдыытыгар төһөлөөх туһаны аҕалыа этэй? Онон биһиги билиҥҥи сорукпут – арыгы атыытын аҕыйатыы. Дьон олорор сириттэн тэйитиэххэ, букатын да куорат таһыгар таһаарыахха наада. Билигин 184 нэһилиэк арыгы атыытын олоччу бопто, маннык хайысханы өссө сайыннарыы – тыын боппуруос. Хоту дойду норуоттара арыгыттан алдьаныылара улахан, наука дакаастаабытынан, кэлин да улахан хоромньуну аҕалыа турдаҕа. Онон кыра норуоттар тыыннаах хаалыахпытын баҕарар буоллахпытына, арыгы боппуруоһун хайаан да кыайыахпытын наада.

Матвей Лыткин, edersaas.ru сайтка анаан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар