Саха тылын декадатын чэрчитинэн “Сахалыы тылы таба туһаныы” диэн бэртээхэй сэминээри тэрийдилэр. Тэрээһиҥҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ, тылы таба туттууну кэтээн көрөр дьон, суруналыыстар кытыннылар.
РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ, ф.н.х. Надежда Васильева ааспыт сэминээргэ хомуйуллубут анкета түмүгүн, 2017 сыллаахха сахалыы тыллаах хаһыаттар тылы таба суруйууларын, туттууларын ырытыытын кэпсээтэ. Итиэннэ “Сахалыы таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылата” тахсыаҕыттан, таба суруйуу тупсубут диэн бэлиэтээтэ.
Туохха алҕаһыыбытый?
Бастакытынан, уунан, тыанан дуу, ууннан, тыаннан дуу? Итинтэн хайата сөбүй? Чахчы баар көстүү. Саха арпагыраапыйата олохтонуоҕуттан, 1920-1930-с сыллартан таба суруйуу боппуруостара саҥардыллан оҥоһулларыгар өрүү күөрэйэн тахсар боппуруос диэн этэр. 1940 с. аан бастаан быраабылалар нуормаланан оҥоһуллалларыгар ити хоһуласпыт –нн- дорҕооннонон, быраабыла быһыытынан киирбитэ диэн быһаарда.
Иккиһинэн, хаһыаттар үгүстэрэ 37-с нүөмэрдээх быраабылаҕа алҕаһы таһааралларын ыйда. Ол курдук, 1961 с. арпагыырапыйа быраабылаларыгар “Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр тылга –ҥы, -ҥи даҕааһын ааты үөскэтэр сыһыарыы эбилиннэҕинэ –ҥ суруллар, онтон –н бүтэй дорҕоонунан бүтэр тылларга –ҥы, -ҥи эбиллэригэр хоһуласпыт –ҥҥ суруллар, холобур: сарсыарда-сарсыардааҥы, сайын-сайыҥҥы”, — диэн эттэ.
Үсүһүнэн, 23 нүөмэрдээх быраабыланы кэһии элбэҕин ыйар. –н дорҕоонунан бүтэр ааттарга элбэх ахсаан сыһыарыыта –лар эбиллиитигэр хоһуласпыт -нн дорҕоон суруллар, холобур: сэһэн-сэһэннэр, ойуун-ойууннар, хаһаайын-хаһаайыннар, сиэн-сиэннэр. Мантан туорууллар: тойоттор, хотуттар, барахсаттар, эмээхситтэр, улахаттар, сүллүүкүттэр, түөкүттэр, күлүгээттэр, ыарахаттар диэн тыллар.
Төрдүһүнэн, 46-49 быраабылалары кэһии. Бу нууччаттан киирии тыллары суруйууга сыһыаннаах быраабылалар. Ордук нууччалыы тыл олоҕор сыһыарыы эбиллиитигэр, холобур: тренер-тренери, президент-президени-президеҥҥэ, акт-аагы-акка, хайыы-үйэ, өттүгэр, сапыраапка.
Бэсиһинэн, сорох түгэҥҥэ солбуллуон да сөптөөх нууччаттан киирии тыллары, холобур: “сиэттис”, “тоҥолохтон ылыс” диэн оннугар “бодоруускалаа”, “уларсык” диэн оннугар “быракаат” диэн суруйаллар. Ити этиини сымсатарын, онон тумнуохха наадатын эттэ.
Оттон ф.н.х., РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Нина Иванова, сүнньүнэн, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа суруналыыстара, диктордара, ыалдьыттара тылы сыыһа туттууларын туһунан иһитиннэрдэ. Үгүстүк нууччалыы тылы кыбыталларын бэлиэтиир, холобур: “бокал для винабыт суох”, “жеребятина жари гынабын”, “кожа”, “мех”, “боковой шовтара”, “бедроҕар сылдьар ыстаан”, “наһаа үчүгэй советы биэрдиҥ” диэн ааҕан иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, 2015 сыллаахха СӨ бырабыыталыстыбата “Сахалыы таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылаларын” бигэргэппитэ. Онно олоҕуран, 2016 сыллаахха 32 тыһ. кэриҥэ тыллаах “Сахалыы таба суруйуу тылдьыта” тахсыбыта. Ити иннинэ ким хайдах сатыырынан суруйар эбит буоллаҕына, “кыһыл тылдьыт” тахсыаҕыттан, суруйуу биир сүнньүлэннэ диэн бэлиэтиир оруннаах.
This post was published on 20.02.2018 12:00 12:00