Саха төрүт оонньууларын бэлиэтиир тыллар саха омук тулалыыр эйгэни анааран көрөр уратытын арыйарга тирэх буолуохтарын сөп. Онуоха түөлбэ тылын араҥатыгар баар оонньуулар ааттара (холобур, хайах хостоһор) саха майгытын, тылы үөскэтэр ньымаларын, о.д.а. чинчийии билиҥҥи кэмҥэ ордук тоҕоостоох. Оонньуулар омук төрүт дьарыгын баһылыырга, оҕо омугун тылын, майгытын-сигилитин ылынан, билинэн сайдарыгар улахан суолталаахтар.
Николаев Егор Револьевич, тыл билимин хандьыдаата
РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах
ахсааннаах омуктар проблемаларын института, Дьокуускай к.
Түүр тылларын кытта саха тылын үөскүүр уратыларын, өйдөбүллэрин тэҥнээн үөрэппит, саха тыла түүр омук тылларын ситимигэр ылар суолтатын биир бастакынан олохтоохтук бигэргэппит тыл үөрэхтээҕэ Н.К. Антонов үлэлэригэр тирэҕирэн билигин даҕаны, холобур, тыл үөрэҕин өттүттэн улаханнык болҕомтоҕо ылылла илик «Саха төрүт оонньуулара» диэн тыл бөлөҕөр сыһыаннаан эттэххэ, үгүһү-элбэҕи туһаныахха сөп.
Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар 34, икки түөлбэ тылдьытыгар 20 саха омук төрүт оонньууларын ааттара киирэн сылдьаллар (нууччаттан киирбит оонньуулары аахпакка туран (мохсуо ‘городки’, бырыычыка ‘палочка-выручалочка’, о.д.а.)). Ити араҥа этнография да, фольклор да, тыл өттүттэн да ирэ-хоро ырытылла илик буолан, хаһан үөскээбиттэрин, туох төрүөттээхтэрин быһаарар улахан сорук турар. Онуоха бастааҥҥы саҕалааһыннар бааллар [10]. Оонньуу уонна сиэр-туом ситимин Е.Н. Романова [13], уол уонна кыыс оонньууларын араартаан В.И. Дьяченко [6], сахалар уустук, тэрээһиннээх оонньуулара аҕыйах диэбит В.Л. Серошевскай [17, с. 514], төрүт оонньуулары барыларын кэриэтэ ахтан аһарбыт И.А. Худяков [23, с. 149-157] чинчийиилэригэр быстахтык да буоллар, билим өттүттэн болҕомто баар диэххэ сөп.
1926-1927 сс. Саха сирин киин улуустарыгар үлэлээбит эспэдииссийэ үлэлэригэр, Дьокуускай уокуругун өрүс анараа өттүнээҕи улуустарын, сахалар олохторун-дьаһахтарын чинчийбит И.П. Сойкконен туттарбыт матырыйаалларын отчуотугар 70-ча саха оонньуутун сиһилии ойуулаабыт диэн ыйыллар [11, с. 194]. Ол эрээри 2019 с. Санкт-Петербург архыыбыгар анаан-минээн сырыы түмүгэр итинник сигэлээх (ссылка) матырыйааллар баар эрээрилэр, 70-ча оонньуу туһунан матырыйаал биллибэт төрүөтүнэн суоҕа бигэргэннэ [18; 19; 20]. Былааныгар ыйыллыбыт Сыһыарыыга «Якутские игры (взрослых и детей)» (35 илиистээх) диэн пуун баар эрээри, паапкаҕа суох. Архыып кумааҕынан картотекатыгар паапкаҕа баар икки Сыһыарыы («Якутские песни и их переводы», «Якутские загадки и их переводы») эрэ ыйыллыбыт. Ол аата өссө түөрт сыһыарыы ситэ туттарыллыбатах эбэтэр ити архыып атын пуондаларыгар хараллан сытар буолуохтарын сөп. И.П. Сойкконен ити матырыйаалларын сүрүн тиэкистэриттэн мунньан-тараан 12 саха төрүт оонньуутун быһаарыытын буллубут [19, с. 158]. Биһиги бу ыстатыйабыт сүрүн тиэмэтэ – хайах хостоһор оонньуу – дьолго, киирэн сылдьар [19, с. 216].
Манна сыһыаннаан бастаан тылдьыттарга киирбит быһаарыылары көрүөххэйиҥ:
Түөлбэ тылдьытыгар: ооҕуй оһоҕос, сунт., хайах хостоһуута ʻигра – один из играющих обхватывает руками и ногами столб, остальные, обхватывая так же друг друга, образуют цепь, и ведущий старается оторвать каждого по одному, начиная с конца цепиʼ [4, с. 188].
Пекарскайга: хайах хостоһор, хайах хостоһуу ‘детская игра, при которой один мальчик, стуча по голове (т.е. пробуя хаjах) каждого из сцепившихся друг за другом мальчиком (из коих передний ухватывается за столб и руками и ногами), старается оторвать по одному всех играющих мальчиков’ [12, стлб. 3524].
Саха оонньууларын туһунан кинигэлэргэ: «Оонньуу ыытааччы, барыларын олордон баран, биир бөҕө-таҕа киһиэхэ соруйар: “Кыһыҥҥы хаһааскын хостоо эрэ, нохоо! Хайдах этигиний?”. Онуоха бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи, баҕананы кууһан олорор дьоҥҥо тиийэн, бүтэһик киһини хонноҕун анныттан ылан, кэннин диэки чинэрийэ-чинэрийэ соһуохтаах. (…) дьонун барытын хостоотоҕуна, киниэхэ бары сүгүрүйэн туран үстэ бокулуон биэрэллэр: “Махтал буоллун эймэхэ, хайахпытын хостообуккар! Уруй-туску!”» [22, с. 44-45]. Онуоха «Эриэппэ» диэн нуучча норуотун оонньуутугар майгыннатыы эмиэ баар [24, с. 19]. Итинтэн таһаардахха, төрүт ас оонньууну кытта ыкса ситимнээх буолан тахсар.
Н.К. Антонов хайаҕы төрүт түүр тылларыгар киллэрэр: «хайах – сырое масло; тюрк. хайах – скоромное масло»; «сырое масло смешанное с пахтаньем, молоком, затем замороженное соответствует сагайскому хайах – скоромное масло, тоҥ хайах – мерзлое масло, койб., белт., сойот., кач. – масло» [1, с. 4; 2, с. 40]. Биллэринэн, хайах диэн тылга майгынныыр хаяк диэн абакан татаардарыгар, ол эбэтэр хакаастарга баара бэлиэтэммит үрүҥ ас буолар [21]. Хайах үрүҥ ас этэ диэн суолтатын саламааттаан баран хайаҕын харыстаабыт диэбиккэ дылы [16, с. 195] диэн саха өһүн хоһоонугар арыы диэн өйдөбүлүнэн киирбитэ чиҥэтэн биэрэр.
Манна даҕатан ситэрэн-хоторон биэрдэххэ, хоймоҕун хостоо, хоһоҕун хостоо [9, с. 365] диэн сомоҕо домоххо хоймох диэн тыл туох эмэ ас өр туран, түгэҕэр сөҥөр хойуута, харамай ыйыстыбыт аһа, куртаҕыгар киирэн баран, ситэ буспакка сылдьара диэн суолталаах [16, с. 509, 510]. Э.К. Пекарскай тылдьытыгар хоймох үрүҥ ас быһыытынан быһаарыллыбыт [12, стлб. 3440]. Бүрээттэргэ хоймох «творог в сыворотке, кушанье из арсы и молока по форме и значению кажется заимствованием с якутского. В монгольском оно не встречается» диэн өйдөбүллээх [2, с. 41].
Аны туран, түөлбэ тылын чинчиһитэ С.А. Иванов хайаҕы дорҕоон өттүнэн бодотун былыргы түүрдүү qajaq~qanaq ʻсливкиʼ, sarmamïš süttän qajaq ‘сливки отстоялись от молока’ [8, с. 61; 5, с. 406, 417] диэҥҥэ ханыылыы көрөр. Онон, биир өттүнэн, хайах үрүҥ ас буолар.
Дьиктитэ диэн, хайах атын суолтата эмиэ баар: арх., ньурб., өйм. ʻхаһаас балык, сыма’ [14, с. 213]. Хайах, Хайахтаах, Хайах Уоппут, Хайах Укпут, Хайах Хостообут, Хайах Сүппүт, Хайах Көлүйэ, о.д.а. сир-дойду аатын тэҥнээн көрөн баран, Багдарыын Сүлбэ хайах диэн сыманы этэллэрин чопчулаан турар [15, с. 52-56]. Итинник аат Кэбээйигэ, Сунтаарга, Намҥа, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Өймөкөөҥҥө баара бэлиэтэнэр. Оттон сэтинньи ыйы Бүлүү түөлбэтигэр хаjах сиир ый [4, с. 276] диэн ааттыыллар. Онон хайах өссө биир былыргы суолтатынан балык ас диэн эмиэ баар эбит.
Саха тылын араас араҥатыгар (сир-дойду аатыгар, киһи аатыгар, оонньуу аатыгар) хайах туох эрэ улахан, бөдөҥ, элбэх диэн өйдөбүлүн илдьэ сылдьар. Багдарыын Сүлбэҕэ «хайаҕы алларан, көйөн баран, бэркэ ырычаахтаһан, көтөҕөн мадьалытан таһаарарын көрдөрөр буолуохтаах» [15, с. 56] диэн кэпсэнэр. Үрүҥ аһы буолбакка, элбэх балыгы дириҥҥэ (ууга, сири хаһан) уган хаһаанар буоланнар, оонньуу сүрүн өйдөбүлүн биэрэр хостообут диэн тылбыт суолтата дьэҥкэрэн кэлэр. Тыһыынчанан күөллээх Саха сиригэр балыгы төһө кыалларынан хаһаанан сыл тахса сатыыллара өйдөнөр.
Тыл үөскүүр халыыба уларыйан, саха толкуйун хаамыыта хамсыы турара оонньуу аатыгар эмиэ көстөр. Холобур, И.А. Худяков «кус-хаас буолар ‘утки и гуси’, сэрии быльльаһар ‘война’, мээчик сэриилэһэр, букв. ‘воевать с мячом’, бөрө атыыр буолар ‘волк и жеребец’, кулун куллуруһар ‘жеребята’, хайах хостоһор ‘масло разворачивать’, харах симэр ‘жмурки’, бэлэһэх кистэһэллэр ‘перстень хоронят’, хаастыы хаамар ‘ходить по-гусиному’» [23, с. 149-157] диэн киллэрбититтэн да көрдөххө, туохтуур билиҥҥи кэмин сыһыарыыта -ар (хайах хостоһор) аат тыл үөскүүр сыһыарыытынан солбуллуута -ыы, -уу (хайах хостоһуу), онуоха эбии тардыы сыһыарыыта -та эбиллиитэ (хайах хостоһуута) омук толкуйдуур уратытыгар уларыйыы тахсыбытын туоһулуур. Дьайыы, хамсааһын туола турара эбэтэр сонно тута саҕаланан барар диэн өйдөбүл ыраах ханна эрэ буола турарга, биһиэхэ сыһыана суох диэн толкуйга сыҕарыйбыт. Ол саҕанааҕы оҕо ити оонньууну күн аайы кэриэтэ оонньуур уонна хайаҕы оҥороллорун, хостуулларын уу хараҕынан көрөрө аны суох буолан, итинник уларыйыы тахсыбыт буолуон сөп.
Хайах тоҕо оонньуу аатыгар киирбитий? Саха омук төрүт дьарыга буолан, оҕо улахан киһи эйгэтигэр киирэригэр бэлэмниир биир соҕотох ньыма оонньуу буолар. Хайах хостуур курдук күүһү-уоҕу эрэйэр үлэ оонньуу үйэлэри уҥуордаан кэлбитэ мээнэҕэ буолбатах. Оонньууга барытыгар кэриэтэ омук олоҕун уратыта, үлэтэ-хамнаһа, күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа, үгэстэрэ көстөр. Онон хайах хостоһор диэн оонньуу саха урукку олоҕун дьэҥкэтик арыйар. Биир өттүнэн, сүөһү иитэр, атын өттүнэн балыксыт омук быһыытынан. Былыргы түүр тылыгар qajaq диэн тыл баар эбит буоллаҕына, оччотугар хайах бастааҥҥы суолтата үрүҥ ас буолан тахсар. Үрүҥ ас аата балык аска көһүүтэ сахалар билиҥҥи Саха сирин баһылаан, киэҥник тарҕанан олохсуйбуттарын кэрэһилиир. Ирбэт тоҥноох сири туһанан саҥа ньыманы уонна идэни баһылаабыттар. Манна диэн эттэххэ, балыксыттар уопсастыба быстар дьадаҥы араҥатыгар киирэллэрэ. Оттуур сирдэрэ, сүөһүлэрэ, сылгылара суоҕа. Онон кинилэр, үксүгэр, балык баайдаах күөл, өрүс, үрэх кытылыгар олохсуйаллара [7, с. 127-128]. Саха омук киэҥ сири баһылаабыт биир суол ситиһиитэ балыгы сатаан хаһаанарыттан, ол аата олоҕун-дьаһаҕын эрдэттэн эрдэ торумнаан оҥостунарыттан быһаччы тутулуктааҕа.
Онон оҕо төрүт дьарыгы оонньуу гынан оонньоотоҕуна, бэйэтин омугун кыра сааһыттан билинэр (этноидентификация) уонна өрө тутар буола улаатар.
Кылгатыылар:
арх. – архаизм
кач. – хакаас тылын качинскай түөлбэ тыла
койб. – самодий тылларыгар киирсэр өлүктүйбүт койбал тыла
ньурб. – Ньурба түөлбэтэ
өйм. – Өймөкөөн түөлбэтэ
сойот. – сойот тыла
сунт. – Сунтаар түөлбэтэ
тюрк. – түүр тыла
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ
- Антонов Н.К. Исследования по исторической лексике якутского языка: (именные основы): специальность 10.665 «Тюрк. яз.»: автореф. дис. … д-ра филол. наук; Акад. наук Каз. ССР, Ин-т языкознания. – Якутск, 1973. – 54 с.
- Антонов Н.К. Материалы по исторической лексике якутского языка / отв. ред. проф. И.М. Романов; авт. предисл. А.П. Окладников; Якут. гос. ун-т. – Якутск: Якутское книжное изд-во, 1971. – 172 с.
- Багдарыын Сүлбэ. Талыллыбыт үлэлэр. 1-кы т.: Мэҥэ ааттар. – Дьокуускай: Бичик, 2013. – 536 с.
- Диалектологический словарь якутского языка: содержит свыше 8500 слов / сост.: П.С. Афанасьев, М.С. Воронкин, М.П. Алексеев. – Москва: Наука, 1976. – 390 с.
- Древнетюркский словарь / Ред. В.М. Наделяев и др.; АН СССР, Ин-т языкознания. – Ленинград: Наука. Ленингр. отд-ние, 1969. – 676 с.
- Дьяченко В.И. Традиционное воспитание детей у народов Сибири: сборник статей / Акад. наук СССР, Ин-т этнографии им. Н.Н. Миклухо-Маклая; отв. ред.: И.С. Кон, Ч.М. Таксами. – Ленинград: Наука, Ленинградское отделение, 1988. – С. 186-205.
- Иванов В.Ф. Социально-экономические отношения в Якутии (конец XVII-XIX в.). – Новосибирск: ВО «Наука». Сибирская издательская фирма, 1992. – 228 с.
- Иванов С.А. Общеякутские и диалектные названия, относящиеся к скотоводству // Северо-восточный гуманитарный вестник. – 2018. – № 2 (23). – С. 56-65.
- Нелунов А.Г. Якутско-русский фразеологический словарь. – Новосибирск: Издательство СО РАН, филиал «Гео», 2002. – Т. 2. – 420 с.
- Николаев Е.Р. Семантика названий якутских детских игр (на материале диалектологических словарей) // Северо-восточный гуманитарный вестник. 2019. – № 2 (27). – С. 88-93.
- Отчет о деятельности Академии наук СССР за 1927 год, составленный и.о. Непременного секретаря академиком А.Е. Ферсманом с приложением отчетов отдельных академических учреждений. – Ч. II: Отчет о научных командировках и экспедициях. – Л.: Изд-во АН СССР, 1928. – 266 с.
- Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. 2-е изд-е. – Ленинград: Издание АН СССР, 1959. – Т. III. – 3858 стлб.
- Романова Е.Н. Игры и игровая культура / Якуты. Саха / Аксянова Г.А, к.б.н., Алексеев Н.А., д.ист.н., проф., Антонов Е.П., к.ист.н. и др.; отв. ред.: Н.А. Алексеев и др.; Рос. акад. наук, Ин-т этнологии и антропологии им. Н.Н. Миклухо-Маклая, Ин-т гуманит. исслед. и пробл. малочисл. народов Севера Сиб. отд-ния. – М.: Наука, 2012. – С. 419-429.
- Саха түөлбэ тылын тылдьыта: эбии том / сост. М.С. Воронкин, М.П. Алексеев, Ю.И. Васильев. – Новосибирск: ВО «Наука». Сибирская издательская фирма, 1995. – 296 с.
- Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2004. – 680 с. (Буква А).
- Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: Т. ХIII: (Буква Х) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2016. – 639 с.
- Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования; 2-е изд. – М., 1993. – 736 с.
- Сойкконен И.П. Дипломная работа «Якутские дети»: Рукопись, 1928 // Санкт-Петербургское отделение архива РАН. Ф. 47, Оп. 2, № 157.
- Сойкконен И.П. Семейный быт якутов Якутского округа: Рукопись, 1928 // Санкт-Петербургское отделение архива РАН. Ф. 47, Оп. 2, № 158, 345 л.
- Сойкконен И.П. Семейный быт якутов Якутского округа. Папка 2-ая: Рукопись, 1928 // Санкт-Петербургское отделение архива РАН. Ф. 47, Оп. 2, № 159, 405 л.
- Сомоготто. Пища якутов (в свете соседних культур). – Якутск: Якутский край, 2009. – 168 с. URL: https://www.yakutskhistory.net/с-и-николаев-сомоготто/пища-якутов/ (дата обращения: 03.12.2019 г.)
- Федоров А.С. Өбүгэлэрбит оонньуулара. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1992. – 48 с.
- Худяков И.А. Краткое описание Верхоянского округа / под ред. чл.-кор. АН СССР В.Г. Базанова. – Ленинград: Наука, Ленинградское отделение, 1969. – 437 с.
- Чудинова М.А. Якутские народные подвижные игры для детей. – Я.: Якуткнигоиздат, 1960. – 24 с.