Хайа маастара, суруналыыс, үтүө киһи Леонид Владимиров туһунан кинигэ таҕыста

Ахсынньы 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ «Саха сирин уһулуччулаах дьоно» сериянан тахсыбыт «Леонид Леонидович Владимиров» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ сүрэхтэниитин Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева салайан ыытта. Галина Алексеевна Леонид Леонидович «көмүс» суруналыыһынан ааттанарын, ханнык баҕарар тиэмэҕэ хорутуулаахтык үлэлээбитин астына аҕынна.


Леонид Владимиров – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстарын сойууһун Ем. Ярославскай аатынан бириэмийэтин лауреата, биллиилээх суруналыыс, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьаҥхаада нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ уу тырааныспарын, суол хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ.

250 ахсаанынан тахсыбыт кинигэ ааптара – ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Борисов. Иван Васильевич доҕоро олоҕун суруналыыстыканы кытары сибээстээбэтэҕэ буоллар, үчүгэй артыыс буолуон сөбүн туһунан иһирэхтик кэпсээтэ.

СИА урукку салайааччыта, билигин өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын сүбэһитэ Татьяна Тарасова: «Леонид Леонидовичтыын биир кабинекка олорон суруналыыс идэтигэр уһуйуллубут эдэрдэр билигин суруналыыстыкаҕа эрэ буолбакка, араас эйгэҕэ үлэлии сылдьаллар. Ол аата биһиги ытыктыыр киһибит талан ылбыт идэтигэр дьоҕура, маастарыстыбата, киһилии сыһыана көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибитин өйдүүр олус үөрүүлээх», – диэтэ.

Сүүрбэччэ сыл бииргэ алтыспыт биир идэлээхтэриттэн Петр Васильев, Лариса Трофимова, Оксана Ноева уо.д.а. Леонид Леонидовиһы үйэтиппиттэригэр кини дьиэ кэргэнигэр ис сүрэхтэн махтаннылар. Биир кабинекка олорбут тапталлаах кыргыттарыттан биирдэстэрэ, билигин «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Марина Захарова наставнига үөрэппит сахалыы ырыатыттан ыллаан мустубут дьону долгутта.

Л.Владимиров сыл аайы сайыннары-күһүннэри тахсан оттуур, сир астыыр, сынньанар дойдута Дьаҥхаада нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Яковлев этиитин мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Ол курдук, баһылык нэһилиэк биир уулуссатыгар Леонид Владимиров аатын биэрэр кыах баарын туһунан: «Нэһилиэкпит улаатар, саҥа микрооройуоннар үөскүүллэр, биһиги биир уулуссаны Леонид Леонидович аатынан үөрэ-көтө ааттыа этибит», – диэтэ. Ону сэргэ нэһилиэк мусуойун, бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ биир дойдулаахтарын ахта-саныы кэлбиттэр. Кинилэр киэн туттар киһилэрэ, төһө да дойдутуттан тэйиччи сырыттар, нэһилиэгин дьонун туһунан ахтыы кинигэлэргэ мэлдьи көмөлөһө, сүбэ-ама биэрэ сылдьыбытын махтана аҕыннылар. Ол иһигэр, Дьаҥхаада нэһилиэгин 300 сылыгар аналлаах кинигэ тахсарыгар үгүс сыратын биэрбитэ, төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин толорбута.

Леонид Владимиров сырдык ыралааҕа, чэпчэки тыыннааҕа уонна сааһыттан, дуоһунаһыттан тутулуга суох, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннааҕа. Ону кини Германияҕа, Грецияҕа, Израильга, Францияҕа, Москваҕа доҕотторо олороллоро, кинигэҕэ истиҥ ахтыыларын суруйбуттара да туоһулуур.

«Кыым» хаһыакка бииргэ үлэлээбит чугас доҕотторо, биир дойдулаахтара, уһуйбут үөрэнээччилэрэ, аймахтара уо.д.а. истиҥник саныыр дьон күндү киһилэрин бу баардыы ахтан-санаан аастылар, кэргэнигэр Елена Сидоровнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр махтаннылар.

Леонид Владимиров: «Сүүрбэ сыл анараа өттүгэр томполору үөр табаны батыһа сылдьан иитэр, булдунан дьарыктанар дьон быһыытынан билэллэрэ. Билигин «томполор» диэтэххинэ, таба иитиитин республикаҕа бастакынан научнай төрүккэ киллэрбит, интенсивнэй ньымалары баһылаабыт дьон быһыытынан билинэллэр. «Томполор» диэтэххинэ, дьон куораттыы тииптээх Тополинай бөһүөлэги, советскай бырааттыы норуоттары кытта тэбис-тэҥҥэ, кинилэр көмөлөрүнэн үүнэр-сайдар эбээнэри саныыллар. Томполор инники кэскиллэрэ өссө киэҥ, өссө кэрэ».

ЫСПЫРААПКА:

1939 с. бэс ыйын 27 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьаҥхаада нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1957 с. Алдан к. хайа техникумугар «Разработка рудных и россыпных месторождений» идэҕэ үөрэнэ киирбитэ.

1960 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн, Томпо оройуонугар «Дьабарыкы Хайа» шахтаҕа анаммыта, хайа маастарынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

1966 с. хомсомуол Томпотооҕу райкомун бастакы сэкиритээринэн талыллыбыта.

1969 с. Томпо оройуоннааҕы хаһыатын эрэдээктэрин солбуйааччынан анаммыта.

1971 с. Москваҕа үрдүкү партийнай оскуолаҕа «Суруналыыстыка» идэни баһылаабыта.

1973 с. «Кыым» хаһыакка промышленность отделын сэбиэдиссэйинэн ыҥырыллыбыта.

1979 с. суруналыыстар Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэринэн наҕараадаламмыта.

1984 с. «Кыым» хаһыат эрэдээктэрин бастакы солбуйааччытынан анаммыта.

1989 с. – баартыйа Саха сиринээҕи обкомун бэчээккэ, телевидениеҕэ уонна араадьыйанан биэриигэ секторын сэбиэдиссэйэ.

1991 с. – саҥа аһыллыбыт Саха информационнай агентствоҕа промышленность, транспорт уонна сибээс отделын шеф-эрэдээктэринэн 2012 с. үтүөлээх сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбитэ.

Кэргэнэ Елена Сидоровналыын 56 сыл дьоллоохтук олорбуттара. Уоллаах-кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр, хос сиэннээхтэр.

This post was published on 22.12.2017 18:00 18:00