Хаданнааҕы дьыссаат ийэлэргэ анал ааттары иҥэртэлээтэ

Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгин «Кэнчээри» оҕо уһуйааныгар бу нэдиэлэ Ийэлэр күннэригэр ананна. Иитээччилэр, оҕолор, төрөппүттэр араас хайысхалаах үлэни ыыттылар.


Хадан дьыссаатын иитээччилэрэ Петрова Ульяна Егоровна, Павлова Светлана Исаевна, Каратаева Анна Семеновна, Гаврильева Айталина Ивановна, Нахова Наталия Борисовна ийэлэргэ маастар-кылаас ыыттылар, төгүрүк остуол тула оҕо иитиитигэр эдэр ийэлэргэ сүбэ биэрдилэр.

Ийэлэргэ аналлаах нэдиэлэ хас да түһүмэхтээх күрэхтэһиинэн түмүктэннэ. Төрөппүттэр бары олус үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. «Сатабыллаах Ийэ» үрдүк ааты Никитина Надежда Алексеевна ылла, «Амарах Ийэ» Кугасова Сахаяна Ивановна, «Талба талааннаах Ийэ» Иванова Ирина Григорьевна, «Булугас, талыгас» Павлова Любовь Виссарионовна, «Дьоһуннаах Ийэ» Николаева Марта Николаевна, «Кыһаллыгас Ийэ» Суханова Александра Леонидовна, «Минньигэс астаах Ийэ» Нахова Наталия Борисовна буоллулар.

Тэрээһиннэртэн ийэлэр олус астыммыттарын биллэрдилэр. «Маннык сылын ахсын өссө салгыы тэрийэ туруҥ«, — диэн баҕа санааларын эттилэр.

Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА, СУНТААР.

This post was published on 19.10.2019 10:27 10:27