Дойду үрдүнэн оҕолор, ыччат Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт эһэлэрин, тыылга үлэлээбит эбэлэрин «Оонньоммотох оҕо саастарын» туһунан кэпсииллэр. Сунтаар улууһун Хадан орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Кириллин Вадим Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх онлайн-тэрээһиннэригэр кыттар. Бэҕэһээ уол ийэтэ Валентина Петровна Кириллина дьонун дьиэтигэр тиийэн, «Кыайыы түннүгэ» аахсыйаҕа кытынна.
Хадан оскуолатын үөрэнээччитэ Вадим Кириллин эһэлээх-эбэтин тустарынан СИА-ҕа кэпсээтэ.
— Мин ийэм төрөппүттэрэ, эһэм Чойнов Петр Егорович, эбэм Ульяна Гаврильевна тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии оҕолоро этилэр. Иккиэн 1927 сыл төрүөх, саҥа улаатан эрэр кэмнэрэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар түбэспитэ. Сэриигэ барбыт дьону солбуйан холкуос олоҕор кыттыспыттар. Дьону кытары тэҥҥэ — саас бурдук ыһыытыгар, сайынын от үлэтигэр, күһүнүн бурдук хомууругар үлэлэспиттэр.
1941 сыл атырдьах ыйыгар Бүлүү өрүс уолбутунан сибээстээн, пароходтар кыайан тиийбэт буолбуттар. Ол иһин Сунтаар улууһуттан сэриигэ ыҥырыллыбыт 700 киһини Турукта станцияҕа сатыы ыытарга быһаарбыттар. Турукта Өлүөхүмэ улууһугар Лена өрүс кытылыгар турара. Ойуурунан, үрэхтэринэн, үрдүк сыырдарынан 300 км сатыы айаны аҕыс суукка тулуйан, 700 киһи бары тиийбит. Дьокуускайтан кэлбит баржаны кэтэһэн, салгыы фроҥҥа барбыттар. Нэһилиэктэр саамай бөҕөстөрө, күүстээхтэрэ мунньустан барбыт эбиттэр.
Ол дьон Хадаҥҥа тохтоон ааспыттар. Агдары хонуутугар хоммуттар, холкуос сүөһү өлөрөн аһаппыт. Кинилэри кытта биһиги нэһилиэкпит дьоно, ол иһигэр эбэм аҕата Гаврил Андреевич Егоров барбыт. Ытыы-соҥуу аргыстаах атаарыы эбэм өйүгэр хатанан хаалбытын санаан кэпсээччи. Аҕата, биһиги хос эһэбит 3 сылынан эргиллэн кэлбит, сэрии алдьаппыт дьиэтин-уотун тутууга үлэлээбит. Аҕыйах сыл буолаат, өлбүт.
Эбэм бииргэ төрөөбүт 12 оҕоттон, 1930 сыллаах төрүөх быраатын Уйбааны кытта иккиэйэх хаалбыттар. Оҕолор бары кыраларыгар, 3-4 саастаахтарыгар өлбүттэр. Оҕо турбатыттан ыксаан, аҕалара биир кырдьаҕас ойуунтан көмө көрдөһөспүт. Маһынан кыһан икки ымыы чыычааҕы оҥорторбут. Ол ымыылар харыстаан, араҥаччылаан уһун үйэлэннэхтэрэ, халыҥ аймах тэнитэн олордохторо. Эбэм эһэбинээн Петр Егоровичтыын 64 сыл бииргэ олорон , 7 оҕолонон, 22 сиэннэнэн, 30 хос сиэннэнэн, 3 хос хос сиэннэнэн дьоллоохтук олорбуттара.
Аан дойдуну аймаабыт алдьархайдаах сэрии түмүктэммитэ быйыл 75 сылын туолар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги олохпут туһугар охсуспут хорсун буойуннарга, ону тэҥэ тыылга күүскэ үлэлээбит дьоммутугар махтанар, кинилэри өйдүүр-саныыр, сүгүрүйэр ытык иэстээхпит. Кинилэр күүстээх санаалара, дьоһуннаах майгылара, бары бииргэ түмсэн кыайыы туһугар дьулуһуулара биһиэхэ холобур буолаллар.
This post was published on 08.05.2020 17:03 17:03