Хадаҥҥа Хасыграновтар ыччаттара Кыайыы 75 сылыгар өйдөбүнньүк бэлиэ туруораллар

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы өрөгөйдөөх үбүлүөйэ буолуо сыл аҥарыттан ордук кэм хаалла. Бэлиэ сылы көрсөргө Сунтаарга бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ барар.


Сунтаар Хаданыгар үбүлүөйү көрсө сэрии иннинэ Курсуйга олорбут Варвара, Степан Хасыграновтар дьиэ кэргэн биэс уоллара бэбиэскэ тутан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыттара, оттон үс оҕолоро тыылга кыайыыны уһансыбыттара.

Кинилэри кэриэстээн, Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара Хадаҥҥа бэйэлэрин үптэринэн өйдөбүнньүк бэлиэни оҥоро сылдьаллар. Былаан быһыытынан, тустаах эбийиэги кэлэр 2020 сыл кулун тутар ыйыгар бүтэриэхтэрэ.

 

Гаврил Андреев, https://ulus.media

This post was published on 04.12.2019 16:00 16:00