Сэтинньи саҥатыгар Хачыкаат иһинэн гаас ситимин тардыы үлэтэ 97% туолан турар. Үлэни бэдэрээтчит «Саха Альтер Трейд» ХЭТ ыыта сылдьар. Гаас турбатын тардыы уонна олорор дьиэлэргэ тахсар суолларын үлэтэ бүтэн турар. Билигин ситими үлэҕэ киллэрэргэ түмүктүүр үлэлэрин — ыраастыы, үрдэрэ, тургута сылдьаллар. Салгыы пилотнай бырайыак чэрчитинэн, хочуолунайы гаас уматыкка көһөрүү буолуохтаах. Гааһы туһаныы автономнай буолар, айылҕаҕа буортута кыра, сыаната чэпчэки.
Саха сиригэр убатыллыбыт гааһы туһаныы бырагыраамата 2030 сылга диэри үлэлиир. Бу бырагыраама көмөтүнэн, убатыллыбыт гааһы туһаныы кээмэйэ 220 тыһыынча туоннаҕа тиийиэхтээх. 27 нэһилиэнньэлээх пуун гааһынан автономнай оттуллар буолуохтаах, 48 хочуолунай гааһынан уматыкка көһүөхтээх.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
This post was published on 09.11.2023 11:55 11:55