Хабаровскай олохтооҕо Николай Федосеев Саха сирин силиэстийэлиир управлениетыгар үҥсүү киллэрдэ. Ити үҥсүүтүгэр полиция 1 отделын үлэһиттэрэ кинини сымыйаҕа буруйдаабыттарын, кырбаабыттарын уонна кини конституционнай быраабын баламматтык кэспиттэрин туһунан этэр.
Николай Федосеев бу сайын Дьокуускайга ыалдьыттыы кэлибит. Жорницкай аатынан уулуссаҕа турар дьиэ таһыгар пиибэ иһэ олорбут. Ол олордуҕуна тиийэн кэлбит полиция үлэһиттэрэ кини кимин-тугун быһаара, уопсастыбаннай миэстэҕэ пиибэни иһии иһин боротокуол толоро диэн полиция отделыгар илдьэ барбыттар.
Федосеевы массыыналарыгар олордо сылдьан кэтэх дьыалаларыгар өр сылдьыбыттар. Кэтэх дьыалалара буоларын тутуллан иһээччи кэпсэтиилэриттэн билбит, өйдөөбүт. Федосеев полиция отделениетыгар хаһан тиийэллэрин ыйыппытыгар кининин эрэһиинэ дубинканан төбөҕө, илиигэ, атахха саайталаабыттар. Тустаах уорганнарга үҥсүөх буолбутун иһин кинини 48 чаас устата отделга туппуттар.
«Полиция массыынатыгар киллэрэллэригэр, сыаналаах малбын-салбын, бачыыҥкам быатын, курбун утарсыыта суох туттарбытым. Кырбаммыппыт туоһуулаабатым туһугар 48 чаас устата туттулар», — диир Федосеев.
Дьуһуурунай кинини араас быдьар тылынан үөхпүт, Федосеев сэмэлээбитигэр кинини сирэйгэ саайбыт. Ити барыта СИЗО-ҕа баар видеокамераҕа уһуллубут.
48 чаас устата Федосеевы биирдэ эрэ аһаппыттар, матараас, суорҕан биэрбэтэхтэр.
«Полиция отделыгар 48 чаас устата сытан, мин кэлиҥҥи икки сылга истибэтэх быдьар үөхсүүнү иһиттим«, — диир кини.
Кинини тутуу бүппүтүн кэнниттэн Федосеев силиэстийэлиир управлениеҕа полиция үлэһиттэрин холуобунай эппиэккэ тардар туһунан үҥсүү түһэрбит.
СИА бу быһылааны быһааралларыгар силиэстийэлиир управление пресс-сулууспатыттан ыйыталаста.
«Федосеев бэс ыйын 19 күнүгэр сайабылыанньа киллэрбит. Процессуальнай бэрэбиэркэ бара турар. Экспертиза анаммыт», — диэтэ Надежда Дворецкая.
Холуобунай кодекс быһыытынан, дуоһунаһы туһаныы уонна дуоһунас боломуочуйатын үрдэтии иһин 80 000 солк. кээмэйдээх ыстараап, биэс сылга бу дуоһунастан тохтотуу эбэтэр 3-тэн 10-ҥа диэри көҥүлү хаарчахтааһын накаастабыла көрүллэр.