Дьокуускай куорат олохтооҕо Ольга Юшкова куонкуруска кыттар үлэтин ыытта. Кини бу интэриэһинэй күрэс бастакы кыттааччыта буолар.
«Мин дьиэ кэргэммэр тоҕуспут: аҕам, ийэм, убайым, кини кэргэнэ, үс оҕото, мин уонна мин доҕорум. Хас бырааһынньык аайы аймахтарбытын барыларын ыҥырабыт. Улахан остуолбутун саамай сөбүлүүр бүлүүдэлэрбитинэн толоробут уонна тула олорон минньигэстик аһыыбыт, дьоллоох түгэннэри кэпсэтэбит. Бу хаартыска 2016 сыл кулун тутар 26 күнүгэр төрөппүттэрбит дьиэлэригэр дэриэбинэҕэ түһэриллибитэ», — диэн кэпсиир Ольга.
Санатар эбит буоллахха, “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Сахамедиа” АУо, «СИА-сонуннар» сахалыы саайт “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкурус кыайыылаахтара сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.
This post was published on 29.03.2016 17:19 17:19