Хаартысканан кэпсиибит: Саха сирин улуустарыгар дьиэ көтөрдөрүн сөбүлээн иитэллэр

Саха сирин айылҕатыгар, киэҥ нэлэмэн сиригэр-уотугар сөп түбэһиннэрэн тутар бэйэ хаһаайыстыбалаах киһи элбэх. Хайысхалара да араас. Ким эрэ куруолук ииттэр, ким эрэ көтөрдөрү сөбүлүүр, кимиэхэ эрэ козалардаах, үгүстэр ынах-сүөһү туталлар, сылгыны дэлэтэллэр. Этэргэ дылы, «сүүс киһи — сүүс санаа, сүүс толкуй». Бэйэ-бэйэлэрин хайысхаларынан социальнай ситимнэринэн булсаллар, интэриэстэрин, дьарыктарын уопутун атастаһаллар. Бүгүҥҥү таһаарыыга — улуустарга иитиллэр дьиэ көтөрдөрө.


Александра Колодезникова, Хатас. «Биэс инкубатордаахпын, сымыыппын Москваттан тиийэ сакаастаһан ылабын. Индюктардаахпын, бэрэпиэллэрдээхпин. Билигин хаастар уонна цесаркалар тахсыахтара. Дьоҕус бизнеһим диэххэ сөп», — диэн кэпсээтэ.

Ванесса, Хаҥалас улууһа. «11 кылааска үөрэнэбин, оҕо эрдэхпиттэн көтөрдөрү, кыыллары наһаа сөбүлүүбүн. Кинилэр наһаа үчүгэйдэр. Агроном буолуохпун баҕарабын. Быйыл АГАТУ-га туттарсар баҕалаахпын«, — диэн кэпсиир. Ванесса көтөрдөрү таһынан куруолуктардаах, сылгылардаах.

Вера Дьячковская, Чурапчы улууһа, Төлөй-Дириҥ. Ааспыт сылга бэс ыйыгар биир пекинскай кустары уонна кууруссалары ылбыт. Быйыл индюктаммыт. Бу саас аан маҥнайгытын инкубаторы боруобалаабыт.

Катерина Терентьева, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Хаптаҕай. 20 цесаркалаах, 15 индюк чоппуускалаах, 30 бэрэпиэллээх, 12 куурусса, бөтүүктэр. Дьиэ көтөрүнэн дьарыктаммыта 3-4 сыл буолла. Сайын кустар эбиллэн биэрэллэр.

Любовь Приходько, Хатас. Дьиэ көтөрүн сайын аайы ииттэр: кус, куурусса, бэрэпиэл эмиэ баар буола сылдьыбыт. «Быйыл хайаан да курятник туттуом, ичигэс. Оччоҕо кыстатыам, сымыыттатыам«, — диир кини.

Слепцова Варвара Кирилловна, Хатас. 10-ча сыл дьиэ көтөрүнэн дьарыктанар. «Барыта баар буола сылдьыбыта, билигин кууруссалардаахпын«, — диир.

Снежана, Бүлүү. «Миэнэ аҕыйахтыы устуука, былырыыҥҥыттан саҥа ииттэн эрэбин. Дьон курдук элбэҕи ииппэппин, хотоҥҥо сүөһүлэри кытта кыараҕастык тураллар», — диэн кини кэпсээтэ.

Анна, Өлүөхүмэ куората. 2001 сылтан дьиэ көтөрдөрүн иитэр. Чоппуускалаахтар, хаас оҕолоро бааллар, инкубаторыгар индюк уонна кус сымыыттара угуллан сыталлар. «Билигин куоракка баарбыт, онон аҕыйах. Дэриэбинэҕэ көстөхпүтүнэ — элбэтиэхпит«, — диир.

Прокопий Охлопков, Чурапчы. «Урут күүскэ дьарыктана сылдьыбытым, фермер этим. 500 төбөҕө тиийэ сылдьыбыта. Ити 2013 — 2018 сылларга. Билигин бэйэм туттарбар эрэ ииттэбин«, — диэн эттэ.

This post was published on 19.04.2021 10:01 10:01