Хаартыска: «Сибойл» хампаанньа бензин сыанатын үрдэттэ

Дьокуускайга «Сибойл» хампаанньа бензин сыанатын үрдэттэ. Билигин суоппар биир лиитирэ Аи- 95 иһин 6 солкуобайтан элбэҕи биэрэргэ күһэллэр.

Эрдэ АИ- 92 лиитирэ бензин 59,5 солк. эбит буоллаҕына, бүгүн-64 солк.

Оттон АИ- 95 бензин биир лиитирэтин сыаната 6,3 солкуобайынан үрдээн — 68,5 солк. тэҥнэстэ.

От ыйынааҕы хаартыска

Санатан эттэххэ, уматык атыыллыыр хампаанньалар сыананы бүтэһигин от ыйыгар үрдэппиттэрэ. Сайын бензин сыаната ортотунан 3-4 солкуобайнынан үрдээбитэ.

This post was published on 10.10.2023 11:13 11:13