Горнай улууһун Маалтааны нэһилиэгин «Мичээр» уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна иитээччилэрэ сардаана сибэккини үүннэрэллэр. Сибэккилэрэ бу күннэргэ тыллыбытын туһунан нэһилиэк телеграм-ханаалыгар суруйбуттар.
Уһуйаан «Кустукчаан» бөлөҕүн оҕолоро иитээччилэр — Раиса Алексееваны уонна Надежда Алексееваны кытта күн аайы сибэккилэрин бүөбэйдээбиттэр, хайдах тылларын чинчийбиттэр. Инникитин хонуу ромашкатын уонна да атын сибэккилэри олордор былааннаахтар.
Саха сирэ
This post was published on 22.11.2023 11:21 11:21