«Эһэ арыыта» Саха сиринээҕи айылҕа заповеднигар 36 үрүҥ эһэни бэлиэтээтилэр. Аллараа Халыма оройуонугар «Ленские столбы», «Росзаповедцентр» уонна «Экофактор» тэрилтэ, авиамониторинг ыытар, диэн «Колымская правда» иһитиннэрэр.
Мониторинг кыттыылаахтара Ми-8 МТВ бөртөлүөтүнэн Черскэй бөһүөлэк, Амбарчик бухта, Четырёхстолбовой арыы уонна Крестовой учаастак нөҥүө көттүлэр. Арыыга уонна материкка баар заповедник сиригэр барыта 36 эһэни бэлиэтээтилэр.
Экспедиция кыттыылаахтарын сорҕолоро нэдиэлэ бүтүөр диэри заповедникка үлэлиэхтэрэ диэн бэлиэтииллэр. Ол быыһыгар беспилотнай аппарааты туһанан кэтээн көрүөхтэрэ.