Дьокуускай кытыытыгар, ааспыт ардахтар кэннилэриттэн, бастакы тэллэйдэр үүннүлэр. Билигин аҕыйах. Үгэс быһыытынан, тэллэй от ыйын бүтүүтэ — атырдьах ыйын саҕаланыыта өлгөмнүк үүнэр.
«Баскыһыанньаҕа, Покровскай трагынан ойуурга күүлэйдии сылдьан, хас да маҥан тэллэйи буллубут. Биири үөн сиэбит этэ, ити эрээри сибиэһэйдэр да бааллара», — диэн кэпсээтэ ЯСИА ааҕааччыта уонна хаартыска ыытта.
This post was published on 08.07.2024 13:02 13:02